Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини Аҕа дойдуну көмүскээччи күнүнэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!

Саха сирэ модун санаалаах көмүскээччилэринэн аатырар. Аҕа дойду сэриитин сылларыгар алта уон икки тыһыынчаттан тахса биир дойдулаахпыт ньиэмэс-фашист халабырдьыттарын утары Ийэ дойдубут көмүскэлигэр турунан хорсуннук сэриилэспиттэрэ. Сүүрбэ түөрт буойун ССРС Дьоруойун үрдүк аатын сүкпүтэ, өссө биир буойуҥҥа Россия Дьоруойун аата иҥэриллибитэ.

Кыайыыны ситиспит улуу көлүөнэ удьуордара бүгүн байыаннай дьайыы бара турар сиригэр өстөөҕу суоһараллар.

Ааспыт сылга Саха сирин түөрт олохтооҕо Россия Дьоруойун үрдүк аатын сүктэ. «Барс-2» батальон «Боотур» этэрээтин хамандыыра Александр Колесов, ефрейтордар Алексей Неустроев уонна Филипп Евсеев аатырбыт Т-80 «Алеша» тааҥкаларынан ахсааннарынан баһыйар өстөөҕү кытта күөн көрсүһүүлэрэ Аҕа дойдубут устуоруйатыгар киирдэ. Танкистар наҕараадаларын Филипп Евсеев эһэтэ Аҕа Дойду Улуу сэриитин кэмигэр кыргыспыт сиригэр – Курскай дугаҕа ылбыттара дириҥ суолталаах. Ону тэҥэ, буойун иэһин толоро сылдьан дьоруойдуу охтубут биир дойдулаахпытыгар – Чуумпу акыйаан флотун муора пехотатын туспа гвардейскай биригээдэтин 155-с стрелковай батальонун стрелковай отделениетын ытааччыта Дмитрий Егоровка өлбүтүн кэнниттэн Россия Дьоруойун аата иҥэриллибитэ.

Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар хорсун быһыыларын уонна эр санааларын иһин истиҥ махталбын этэбин. Бу уустук кэмҥэ Дьоруойдарбытынан уонна Россия көмүскэлигэр туруммут хоодуот буойуннарбытынан киэн туттабыт. Кырдьык туһугар хайаан да кыайыахпыт!

Афганистан бэтэрээннэригэр уонна Россия интэриэһин көмүскээн саа-саадах тутан «итии точкаларга» кыргыспыт уолаттарбытыгар – киэҥник тэнийбэтэх сэриилэр уонна байыаннай иирсээннэр кыттыылаахтарыгар барҕа махталбытын биллэрэбит. Куттал тирээтэҕинэ Ийэ дойду көмүскэлигэр турунарга бэлэм, саппааска сылдьар байыаннай сулууспалаахтарга эмиэ иһирэх эҕэрдэ! Биһиги күүспүт – сомоҕолоһууга, биир санааланыы баарын тухары – күүстээхпит!

Аҕа дойдуну көмүскээччилэрбитигэр – уруй-айхал! Эһиги баар буолаҥҥыт Россия баар! Эһиги хорсун санааҕыт или-эйэни түстээтин. Тус бэйэҕитигэр уонна дьиэ кэргэҥҥитигэр дьолу, чэгиэн-чэбдик туругу уонна этэҥҥэ буолууну баҕарабын!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев

Читайте дальше