Эһигини идэлээх бырааһынньыккытынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!
Мэдиссиинэ үлэһиттэрин үлэлэрэ сүҥкэн суолталааҕа дьон-сэргэ доруобуйатын харыстааһыҥҥа, чөл, чэгиэн буоларыгар сүдү оруоллаах. Эһиги биир дойдулаахтаргыт доруобуйаларын араҥаччылыыр туһугар дьаныардаах үлэҕитин туһаайаҕыт.
Барҕа махталбытын тиэрдэбит доруобуйа харыстабылын бэтэрээннэригэр. Эһиги сыралаах үлэҕит, идэҕитигэр бэриниилээх буолуугут эдэр эмчиттэргэ – бастыҥ холобур.
Күндү эмчиттэр, эһиги үлэҕит уустук уонна олус эппиэтинэстээх, дириҥ билиини-көрүүнү, уопуту, сатабылы, киэҥ көҕүстээх буолууну эрэйэр. Үксүгэр үрүҥ халааттаах аанньаллар ыарыһахха үтүө, амарах сыһыаннара ханнык да эмтээҕэр үчүгэйдик, эмтиирдии дьайаллар.
Эһиэхэ тус бэйэҕитигэр күүстээх санааны, дьолу, тапталы, чугас дьоҥҥутугар чэгиэн доруобуйаны, дьолу-соргу, байылыат олоҕу, эйэлээх халлааны баҕарабыт!
“Өймөкөөн улууһа” МТ дьаһалтата