Эһигини Аҕам саастаахтар аан дойдутааҕы күннэринэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!
Олоҕу уһансыбыт, сир үрдүгэр эйэни түстээбит, уоттаах сэриигэ Улуу Кыайыыны ситиспит, урусхаламмыт хаһаайыстыбаны чөлүгэр түһэрэргэ күүстэрин-уохтарын биэрбит, кэнэҕэски көлүөнэ дьоллоох олоҕун туһугар бэйэлэрин харыстаммакка үлэлээбит ытык дьоммутугар сүгүрүйэбит, кинилэр оҥорбут үтүөлэрин-өҥөлөрүн өрүү өйдүүбүт.
Өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бэлиитикэтин биир сүрүн соругунан аҕам саастаах дьон олоҕун тупсарыы, социальнай өҥөлөрүнэн толору туһаналларын хааччыйыы буолар. Улуус салалтата сэрии, тыыл уонна үлэ бэтэрээннэрин, биэнсийэлээхтэр көмүскэллээх, өйөбүллээх буолууларын ситиһиигэ, кинилэр доруобуйаларын көрөргө-истэргэ, олорор усулуобуйаларын чэпчэтэргэ ураты болҕомтону ууран, үлэни күүһүрдүүгэ үлэлэһэр.
Ытыктабыллаах аҕам саастаах тыыл уонна үлэ бэтэрээннэрэ! Эдэр көлүөнэҕэ бэйэҕит мындыр билиигитин, үлэлээбит уопуккутун үллэстэргитинэн, улуус уопсастыбаннай уонна бэлиитичэскэй олоҕор мэлдьи көхтөөхтүк кыттаргытынан биһиги, эһиги биир дойдулаахтаргыт, өрүү киэн туттабыт.
Эһиэхэ кытаанах доруобуйаны, чэгиэн туругу, чугас дьоҥҥут тапталын, истиҥ сыһыанын уонна уһун дьоллоох олоҕу баҕарабын!
“Өймөкөөн улууһа” МТ баһылыга
Александр ОКОНЕШНИКОВ