Ытыктабыллаах Өймөкөөн улууһун далбар хотуннара!

Эһигини сааскы кэрэ бырааһынньыгынан – Дьахталлар аан дойдутааҕы күннэринэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!

Саха сирин дьахталлара биһиги тыйыс айылҕалаах хотугу кыраайбыт сайдыытыгар сүҥкэн кылааттарын киллэрэллэр, олох бары эйгэтигэр үтүө сыһыаны олохтууллар, ханнык да идэҕэ, ол иһигэр эппиэтинэстээх дуоһунастарга эмиэ, айымньылаахтык үлэлииллэр, үрдүк чыпчааллары дабайаллар.

Эһиги ситиһиигит биһиги олохпутун тупсарар, үүнэр көлүөнэни үтүөҕэ иитэр, төрөөбүт өрөспүүбүлүкэбит аатын ааттатар.Ону тэҥэ хас биирдиигит – кыһамньылаах ийэ, кэргэн, эдьиий эбэтэр кыыс оҕо — алаһа дьиэ араҥаччыта. Эһиги сүрүн үлэҕит таһынан дьиэ, хаһаайыстыба күннээҕи түбүгүн бүтэрэ-оһоро охсорго хантан күүс-сэниэ ыларгытын биһиги, эр дьон, сөҕө эрэ саныыбыт. Улуус кэрэ аҥардарын, саха мааны куоларын таптала уонна өйөбүлэ эр дьону өссө үрдүк дабайыыларга кынаттыыр.

Бу кэрэ-бэлиэ бырааһынньыкка улуус бары дьахталларыгар эйэни, өйдөһүүнү, тапталы, дьиэ кэргэҥҥэ этэҥҥэ буолууну, уйгуну баҕарабын!

“Өймөкөөн улууһа” МТ дьаһалтатын баһылыгын э.т. Иван МАКСИМОВ

Читайте дальше