Төрүт орто оскуолатыгар аҕам саастаахтары өйүүргэ, кинилэргэ көмөлөһргө сыһыаннаах үлэ былааннаахтык барар.
Маныаха оскуола үөрэнээччилэрин сэбиэтэ сүрүн күүһүнэн буолар (тэрийээччи Анна Павлуцкая). Ол курдук, кылаастартар сыл аайы кинилэргэ сыһыарыллыбыт ытык дьонноругар мас хайытан, саһааннаан, кырдьаҕастар күннэригэр биитэр Улуу Кыайыы бырааһынньыгар сөп түбэһиннэрэн аһымал аахсыйатын тэрийэллэр.
Биһиги общ.корр. Е. Черемкина сырдаппытынан үөрэнээччилэр соторутааҕыта “Өйдөбүнньүк эстафетатын” ыыттылар. Аахсыйа чэрчитинэн оҕолор Улуу Кыайыыны көрсө түннүктэри киэргэттилэр. Бүгүн оскуолаҕа учууталлар, үөрэнээччилэр үгэс быһыытынан нэһилиэккэ олорор үлэ, тыыл бэтэрээннэрин, сэрии сылын оҕолорун ыҥыран эҕэрдэлиэхтэрэ. Киэһэ борук-сорук буолуута нэһилиэккэ өйдөбүнньүк чүмэчитин уматан бэтэрээннэри, эйэлээх олоҕу турууласпыттары өйдөө-санаан ылыы аахсыйата, Култуура киинигэр Кыайыыга аналлаах тэрээһин ыытыллара былааннанар.
Сиһилии «Хотугу сардаҥа» хаһыакка ааҕыҥ
Любовь КРИВОШАПКИНА