Үтүө дьон тулалыыра – дьол

Мин бу сайын кэргэммин Николай Дмитриевич Атастыровы ыраах Курган куоракка Елизаров клиникатыгар сиһин эпэрээссийэлэтэ илдьэ барар буолбутум.

Биһиги онно тиийэн биир ый кэриҥэ сырыттыбыт. Биллэн турар, бачча ыраах айаҥҥа чугас дьонуҥ көмөтө, өйөбүлэ суох табыллыбаккын. Онон мин “Хотугу сардаҥа” хаһыатым нөҥүө үтүө санаалаах дьоммор, дьүөгэлэрбэр, биһиги дьиэ кэргэн доҕотторугар, аймахтарбар махтал тыл бастыҥын аныыбын.

Киин куоракка олорон хаалыктаах хаамыыттан саҕалаан доҕордоспут Саталлааҕы дьүөгэлэрбэр, Томтор, Сордоҥноох, Төрүт,  Өймөкөөн нэһилиэктэриттэн, Биэрэк Үрдэ учаастактан оскуолаҕа бииргэ үөрэммит Томтор орто  оскуолатын 1976 сыллааҕы выпусктарбар, ону таһынан Дьокуускайдааҕы «Эрчим» түмсүүлэргэ (Настяҕа, Катяҕа, Аннаҕа, Машаҕа), “Иэйии» бөлөхтөргө (Таняҕа, Сарыадаҕа, Люцияҕа, Еленаҕа), «Дьүкээбиллэргэ» (Настяҕа, Анфисаҕа), Томтортон Екатерина Даниловаҕа, Екатерина Доктороваҕа, Сордоҥноохтон Зоя Вензелгэ, аймахтарбытыгар Светланаҕа, Аннаҕа уонна Новосибирскайга олорор Галина Анисимоваҕа, кини дьүөгэтигэр Клара Андреевнаҕа, Дьокуускайтан Екатерина Винокуроваҕа, Аламан Намыылҕан Сандаараҕа харчынан көмөлөспүттэригэр ис сүрэхпиттэн махтанабын.

“Айыы киһитэ аһыныгас” дииллэрэ олус да сөптөөх этии. Киһи үтүө дьон тулалыырыттан өрө көтөҕүллэр, махталынан кынаттанан ыараханы кыайарга күүһэ эбиллэр эбит.

Күндү дьонум, доруобай, дьоллоох, уһун олохтоох буолуҥ!

Оҕолорбор Машаҕа, Коляҕа, Лёняҕа, уолаттарым кэргэттэригэр Юляҕа, Раяҕа эмиэ улахан махтал буолуохтун! Кинилэр баар буолан, аҕаларын этэҥҥэ атаҕар туруордулар.

Валентина-Айталыына Прокопьева, Томтор нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, СӨ киинэ бочуоттаах бэтэрээнэ, үрүҥ көмүс волонтер, улуустааҕы хаһыат общ.корр.