Ыраах “Тыаллаахха”

“Тыаллаах” диэн сир Төрүт нэһилиэгиттэн 25 км тэйиччи Индигиир өрүс хаҥас биэрэгэр сытар. Бу эҥэр араас ааттаах сирдэр бааллар: Көҥдөй, Чаппа, Кэтэриинэ, Ынах күрүөтэ, Улахан Толоон, Улахан Нуора, Кыра Нуора, Үөһээ Бороҕон, Орто Бороҕон, Аллараа Бороҕон о.д.а.

Манна былыр холкуос, сопхуос саҕана элбэх киһи оттоон ааспыт эбит.

Мин хос эһэм, тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ Атласов Семен Егорович-2 алта төрөппүт уолаттарын, сиэннэрин уонна Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа Чачуа Константин Георгиевич уолаттарын, сиэннэрин кытта оттообут аҕай сирдэрэ.

Кэнники сылларга бу эргин отчуттар тиийэллэрэ аҕыйаабыт. Арай, мин эһэм Виталий Семенович хас сайын ахсын уоппускатын ылаат, Тыаллааҕар ыксыыр. Күһүн-саас даамбатын аһан-сабан, ходуһатын оҥостор, сирин нүөлсүтэр. Манна кинилэр 3-4 буолан оттууллар. Мин эһэбин кытта бу сиргэ икки сайын оттообутум.

Биһиги оттуур ходуһабыт уонна отуубут биэрэктэн син тэйиччи соҕус баар. Онон ааһан иһэн көрдөххө, дьиэ, хотон оннуларын омооно хаалбыта, манна хаһан эрэ дьон олоро сылдьыбытын туоһулуур…

Тыаллаах сиригэр Төрүт орто оскуолатыгар  уһуннук учууталынан үлэлээбит Галина Григорьевна Горчакова оҕо сааһа ааспыт сирэ эбит. Галина Григорьевна 50 сыл анараа өттүгэр мин бастакы учууталым Светлана Иннокентьевна Босикова оскуолаҕа киирбитигэр маҥнайгы учуутала буолбутун күһүн үөрэх аһыллыытын бырааһынньыгар истэн соһуйбутум.

Ити курдук, кини 50-ча сылы быһа үөрэппит оҕолоро дойду араас сирдэригэр үлэлииллэр. Сорохторо учуутал идэтин баһылаан, кини биир идэлээхтэринэн буолаллар.

Галина Григорьевна СӨ үөрэхтээһин туйгуна, “Педагог идэтигэр бэриниилээҕин иһин” мэтээл хаһаайына, Учууталлар учууталлара, үөрэнээччи билинэр учуутала бэлиэлэрдээх.

Мин Галина Григорьевнаттан “Тыаллаах” туһунан кэпсииригэр көрдөспүппэр, маннык сэһэргээтэ:

«1954 сыллаахха ийэм  Антон Антонович Давлюдка кэргэн тахсан,  Отортон Тыаллаах учаастагар күһүн көһөн кэлбиппит. Мин аҕам Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа.

Тыаллаахха ол саҕана 4 ыал баара: Букшиннар (Петр Петрович Атласов дьоно), Кулилар, Славкалаах Лиза уонна биһиги.

Бастаан тиийбит киһи көрүүтүгэр айылҕата кэрэтэ, сирэ көнөтө, хонуута киэҥэ сөхтөрөр этэ. Тыатыгар отоно-тэллэйэ, куобаҕа, куруппааскыта элбэҕэ сөхтөрөрө.

Тыаллаахха бэкээринэ, баанньык, гараж бааллара. Мантан 2 км тэйиччи сиргэ “Водомерка” үлэлиирэ (билигин да баар). Онтон үлэһиттэр биһиэхэ кэлэн барааччылар.

Тыаллаахтан тэйиччи, үрэх нөҥүө, Туора Тыаллаах диэн учаастакка мас кэрдээччилэр икки бараах дьиэнэн олороллоро. Мин онно аҕабын кытта иккитэ-үстэ барса сылдьыбытым. Дьахталлара суох да буоллар, сүрдээх ыраастык олороллор дии санаабытым.

Ол дьон элбэх да маһы кэрдэллэрэ. Ол мастара Уус-Ньараҕа муоста, дьиэ-уот уонна бириискэлэр тутууларыгар барара. Маһы Тарыҥнаахтан, Күөнтэ диэкиттэн эмиэ таһаллара.

Күһүн, кыһын, саас айан суола баарына, маһы-оту тиэйэр тиэхиньикэ, тыраахтардар, тэхиньиичэскэй көмө оҥорор массыыналар сыыйыллан олороллоро.

Айан суола Тыаллааҕынан ааһар буолан, биһиэхэ элбэх киһи сылдьан ааһара, хоноллоро. Сайынын ол кэрдиллибит мастарын өрүһүнэн уһаараллара. Онно хас да күүстээх-уохтаах дьоннорун ыытар этилэрэ. Мин аҕабын, Антон Антоновиһы, уу сүнньүн билэр диэн бу үлэҕэ ыҥыраллара, онон маһы уһаарааччылары үксүн кини салайан илдьэрэ. Үлэһиттэр төннөллөрүгэр Уус-Ньараттан Тыаллаахха дылы сатыы кэлэллэрэ.

Тыаллаахха олорор эр дьон бары мас кэрдиитигэр үлэлииллэрэ. Онтон дьахталлар Оторго саһыл ферматыгар луук үргээн уонна балыктаан туттарар сорудахтаахтара. Ону ферма биригэдьиирэ кэлэн хомуйан барара.

Кривошапкин Антип диэн саастаах киһи Тыаллаахтан тэйиччи Умайбыт Өтөх диэн сиргэ холкуос сылгытын көрөр базалааҕа.Тыаллаахха сайын аайы Улахан Толооҥҥо элбэх киһилээх отчуттар биригээдэлэрэ кэлэн оттуура.

Мин ийэм Евдокия Николаевна Винокурова отчуттарга килиэп буһарара уонна аҕабынаан оттоон холкуоска туттараллара.

Күһүн  Тыаллаахтан 5 оҕо (Букшиннар оҕолоро Гоша, Коля, Петя, мин уонна Күөлтэн Кондаков Сергей) Төрүккэ  үөрэнэ кэлэрбит. Мин аҕам биһигини атынан арыаллыыра. Улахан Нуора уонна Кыра Нуора диэн сирдэргэ сатыы хаамар этибит.

Тыаллаахтан 5 км ыраах сытар сиргэ сүөһү ферматын ыалыгар чэйдээн ааһарбыт. Онтон Эһэлээххэ, Сөҕөлөөҥҥө сынньана-сынньана, Төрүккэ кэлэр этибит.

Аҕыйах сыл буолан баран, мас кэрдээччилэр  бары тарҕаспыттара. Үксүлэрэ соҕуруу дьиэлэригэр барбыттара, сорохторо бу дойдуга олохсуйбуттара.

Ыаллар бары көспүттэрин кэнниттэн биһиги аҕабыт Водомеркаҕа үлэлии хаалбыта. Онтон биһигини ийэбитин кытта 1960 сыл саас Төрүккэ көһөрөн аҕалбыта.

“Бу сир былыр наһаа тыаллааҕа диэн кэпсииллэрэ, ол иһин “Тыаллаах” диэтэхтэрэ», — диэн Галина Григорьевна бэрт сэргэх кэпсээнин түмүктээтэ.

Мин Галина Григорьевнаны Саха сиригэр Үлэ сылынан, РФ Уһуйааччы уонна настаабынньык сылынан истиҥник эҕэрдэлиибин. Үөрэнээччилэриҥ ситииһиилэрэ Эйиигин куруутун үөрдэ-көтүтэ турдуннар, доруобай буол.

Миша Атласов, 8-с кылаас, Төрүт.

Читайте дальше