Үҥкүү кырдалыгар

Соторутааҕыта Өймөкөөн сэлиэнньэтигэр улахан үҥкүү бырааһынньыга буолан ааста.

Хаһан буоларын курдук, сынньалаҥ киинигэр үҥкүүнү сэҥээрээччилэр муһуннулар.

Кулууп үлэһитэ Филипп Захаров биэчэри арыйарыгар үҥкүү бырааһынньыгынан бар дьонун эҕэрдэлээн туран, тэҥҥэ үҥкүүлээн, үөрүҥ-көтүҥ диэн ыҥырда.

Кэнсиэр сахалыы эҕэрдэ үҥкүүтүнэн саҕаланна. Бииртэн биир, кэрэттэн кэрэ үҥкүүлэр тахсан истилэр.

Билигин үйэтэ үчүгэй буолан, талбыт таҥас, эҥин бэйэлээх оҕуруо, кылабачыгас блёстка, тесьма дэлэй. Хас үҥкүү аайы тус-туһунан, араас омук национальнай таҥаһа-саба уратыта көстөр.

Саамай кэрэхсээбитим диэн, оҕолор сценаҕа тутта-хапта сылдьаллара тупсан, толорор маастарыстыбалара үрдээн иһэр. Оҕолорбут идэлээх үҥкүүһүттэртэн туох да атыннара суох диэн хайгыахха сөп.

Учуутал Елена Боронцоеваҕа барҕа махталбын тиэрдиэм этэ, үҥкүүттэн саҕалаан оҕолор араас дойдулар култуураларын үөрэтэллэр, эт-хаан да өттүнэн сайдаллар.

Анал үөрэхтээх Аксинья Гермогенова үлэлии кэлэн, эдэр ыччакка араас үҥкүүлэри туруоран, дьон биһирэбилин ылар. Киһи үчүгэйи, кэрэни көрөн дуоһуйа сынньанар.

Бу туһунан сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕыҥ.

Аграфена Малых, Өймөкөөн       

Читайте дальше