Ахтабын, саныыбын өрүүтүн эйиигин
Ханнык да кэмнэрбэр доҕоруом,
Иһиирэр буулдьаны ылыммат мин дууһам,
Уот кутаа сэриини утарсар сүрэҕим.
Ыллаа дуу, мин күндү доҕоруом,
Сулустаах халлааҥҥа тахсаҥҥын,
Көрүүй даа, сулуспут чаҕылын
Бииргэбит эн биһи бу сиргэ.
Халлааҥҥа дьиримниир биһиги сулуспут,
Ыраахтан сырдатар тулабын эргиччи,
Сирдээҕи олохпут туһугар эйиэхэ
Эргиллиэм дойдубар мин кыайыы кынаттаах!
Ыллаа, ыллаа кыысчааным,
Ыллаа, ыллаа үөрүүнү,
Ыллаа таптал иэйиитин
Ырыа кыайар сэриини!
Зоя Оконешникова, Уус-Ньара