Үлэни өрө туппут Өймөкөөн сирин ытык дьоно

Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһун ытык дьоно, өр сылларга Өймөкөөннөөҕү кииннэммит бибилэтиэкэ тиһигэр үтүө суобастаахтык үлэлээбит Евдокия Егоровна Кондакова (Төрүт) уонна Анна Николаевна Винокурова (Томтор) өрөгөйдөөх үбүлүөйдэрин бэлиэтээтилэр.

Төрүт нэһилиэгин биир киэн туттар киһитэ

Култуура, үлэ бэтэрээнэ, элбэх наҕараадалаах ытык-мааны кырдьаҕас Евдокия Егоровна Кондакова бу күннэргэ лоп курдук 85 сааһын бэлиэтээтэ.

Кини элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ 1938 с.  Тарын-Үрэх нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Оҕо сааһа сэрии сылларыгар ааспыта.

Евдокия учуутал Семен Михайлович Кондаковтыын билсэн, таптаһан ыал буолбуттара. Кэргэнниилэр икки кыыс оҕону төрөтөн, итиэннэ Дуня тулаайах хаалбыт бииргэ төрөөбүттэрин улаатыннаран, үөрэттэрэн, үлэһит дьон оҥорбуттара.

Евдокия Егоровна 30-ча сыл устата бибилэтиэкэҕэ бэриниилээхтик үлэлээбитэ. Кини ол тухары хас-хас көлүөнэни билии аартыгар сиэтэн киллэрбитэ, оҕо эрдэхтэн кинигэни таптыырга үөрэппитэ, уһуйбута буолуой? Үгүс ыччат үөрэххэ, үлэҕэ бэйэлэрин миэстэлэрин булалларыгар сырдык кыымы киллэрбит дьонтон биирдэстэринэн кини буолар.

2015 с. Евдокия Кондаковаҕа «Өймөкөөн улууһун култууратын бэтэрээнэ» бочуоттаах аат иҥэриллибитэ, оттон 2018 с.  «Гражданскай килбиэн» бэлиэ хаһаайына буолбута.

Болҕомтолоох, кыһамньылаах үлэһит

Анна Николаевна Винокурова 1982 с. Томтордооҕу бибилэтиэкэҕэ бастаан завхоһунан үлэлии киирбитэ. Биир сыл буолан баран, кинини ааҕар саалаҕа бибилэтиэкэринэн анаабыттара.

Анна Николаевна олус болҕомтолоох, кыһамньылаах үлэһит этэ. Кини анаан библиотечнай сурунааллары, үлэ инструкциятын ааҕан, үлэтин ымпыгын-чымпыгын билсэрэ. Оччолорго бибилэтиэкэлэр абонеменнара олус үчүгэйдик үлэлиирэ. Кэтэхтэн үөрэнэр устудьуоннарга, араас тэрилтэлэргэ үлэлиир дьоҥҥо кинигэ сакаастаан, атын бибилэтиэкэлэртэн да ылларара. Кини ол курдук ааҕааччы ирдэбилин толорорго дьулуһара.

Анна Николаевна киин ааҕар саалаҕа ааҕааччыларыгар анаан араас интэриэһинэй быыстапкалары оҥорон туруорара, библиотечнай уруоктарга, куонкурустарга, тэрээһиннэргэ актыыбынайдык кыттара.

Үлэһит үтүөтэ, үлэ бэтэрээнэ Анна Николаевна Винокурова билигин даҕаны бибилэтиэкэтин кытта ситимин быспакка, олох үөһүгэр сылдьара кэрэхсэбиллээх.

Түгэнинэн туһанан, ытык дьоммутугар эдэрдии эйэҕэс дууһаҕытынан, булгуруйбат сайаҕас санааҕытынан, соргулаах сүбэҕитинэн бииргэ алтыһар дьоҥҥут сылаас сыһыаныгар куустаран үгүс үөрүүлээх күннэниҥ, уһун уруйдаах олохтонуҥ диэн алгыс тылбытын тиэрдэбит!

Өймөкөөн улууһунааҕы  бибилэтиэкэлэр тиһиктэрин үлэһиттэрэ

Читайте дальше