Үлэ — олох төрдө

Мин Биэрэк-Үрдэ учаастакка Степановтар дьиэ кэргэннэригэр 5-с оҕонон күн сирин көрбүтүм. Аатым Сандаара диэн, Өймөкөөн орто оскуолатыгар 6-с кылааска үөрэнэбин.

Быйыл Саха сиригэр Үлэ сыла биллэриллибитэ. Саха дьоно былыр-былыргыттан олус үлэһит дьон эбиттэр. Ынах сүөһү, сылгы иитэллэрэ, онон аһаан олорбуттара. Дьадаҥылар баайдарга үлэлииллэрэ, өссө баар буоллаҕына, бэйэлэрин сүөһүлэрин көрөллөрө. Боростуой дьон эрэйдээхтик  да олорбуттар эбит. Онуоха эбии дойдубут Өймөкөөн кылгас сайыннаах, уһун кыһыннаах буолан, олус тыйыс усулуобуйалаах дойду быһыытынан биллэр.

Сүөһү иитиитэ норуот өбүгэ саҕаттан илдьэ кэлбит, саханы саха оҥорбут үтүө  үгэстэриттэн биирдэстэрэ буолар. Саха дьоно кылгас сайын устата сүөһү кыстыгы этэҥҥэ туорууругар отун бэлэмнииллэр. Бу — дьылы хайдах быһаччы быһаарар кэм буоларын киһи барыта өйдүүр.

Биһиги ынах сүөһүлээх, сылгылаах ыал буолан, сайын аайы 10 кэбиһии оту туруорар соруктаахпыт. Быйыл окко киирии олус  көхтөөхтүк  саҕаламмыта. Бастакы хотуурбут тыаһа от ыйын ортото лыҥкынаабыта.

Аҕам Сэмэн, убайым Кирсан ити кэмтэн от охсон барбыттара. Аҕам, ийэм элбэх оҕолоох буолан, сайын аайы бары мустан бииргэ оттуубут. Ким баҕарар отчут буолуон сөп. Сайын турар- турбат барыта оттуур. Бэл, сүөһүтэ суох киһи аймах-билэ дьонугар оттоон биэрэр үгэһэ баар. Чугас аймахтарбыт, ийэм, аҕам бииргэ төрөөбүттэрэ, кинилэр оҕолоро биһигини кытта оттоһоллор.

Онон элбэх оту оттоон, сүөһүлэрбит этэҥҥэ кыстыгы туорууллар. Сүөһүлээх буолан эппит-аспыт, үүппүт-арыыбыт куруутун баар. Ити курдук сахалыы төрүт аспытын аһаан олоробут.

Биэрэккэ сүөһүлээх ыал элбэх. Онон бары да түбүк бөҕө буолаллар. Онуоха эбии мин дьонум, аҕам булду-балыгы олус сөбүлүүллэр. Оттон биһиги отоннуубут, тэллэйдиибит. Сайын теплицабытыгар оҕуруот аһын арааһын олордобут. Ийэм сибэкки эгэлгэтин үүннэрэр, аҕам сибэккилэргэ анаан күрүөбүт иһигэр араас холбуйалары оҥорор. Дьиэбитин эмиэ сибэккилэринэн киэргэтэр буолан, кэрэ көстүүлээх.

Онон “үлэ киһини киэргэтэр, үлэ — олох төрдө” диэн сөпкө этэллэр.

Сандаара Степанова, 6-с кылаас, Биэрэк-Үрдэ