«Айар Дабаан» креативнай нэдиэлэ чэрчитинэн Дьокуускайга «Үлэ кыбаарталыгар» бүгүн «Музыкальная Якутия» дьыалабыай сессия ыытыллар. Бырагыраамаҕа КитДжа нейросеть киэбинэн оҥоһуллубут саҥа клибын көрдөрүүтэ буолла.
Сессия кыттааччылара продюсирование, цифровой платформаны туттуу, аудиторияны булуу уонна музыкальнай бырайыактары киэҥ араҥаҕа таһаарыы боппуруостарын кэпсэттилэр.
Спикердарынан музыкальнай индустрия бэрэстэбиитэллэрэ үлэлээтилэр: Саха сирин композитордарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Николай Михеев, продюсер Семен Ченянов, креативнай экономика сайдыытын департаментын дириэктэрэ Анна Михайлова, «Квартал труда» медилаборатория продюсера Алексей Еремеев уонна «Саха» НКИК продюсера Михаил Сергеев.
ЯСИА саайта