“Арассыыйа Федерациятын уонна Саха өрөспүүбүлүкэтин Үлэ бэтэрээнэ” (“РФ уонна СӨ Үлэ бэтэрээнэ”) уонна “Саха өрөспүүбүлүкэтин үлэ бэтэрээнэ” (“СӨ Үлэ бэтэрээнэ”) диэн ааттар туох уратылаахтарый? Бу аакка хайдах тиксэллэрий, дастабырыанньаны хантан ылалларый?
Ол туһунан Киин куоракка Дьокуускай к. Нэһилиэнньэ социальнай харалтатын управлениетын салайааччыта Марта Георгиевна Жиркова кэпсээтэ.
– “РФ уонна СӨ Үлэ бэтэрээнэ” уонна “СӨ Үлэ бэтэрээнэ” диэн ааттар бааллар. Уратылара туохханый?
– “РФ уонна СӨ Үлэ бэтэрээнэ” («Ветеран труда РФ в Республике Саха (Якутия)») – федеральнай таһымнаах аат-суол, киһи ханна олороруттан тутулуга суох иҥэриллэр. “СӨ Үлэ бэтэрээнэ («Ветеран труда Республики Саха (Якутия)») – регионнааҕы таһымнаах аат-суол, бу ааты ылааччылар чэпчэтиилэринэн өрөспүүбүлүкэ иһигэр эрэ туһаналлар.
– “РФ уонна СӨ Үлэ бэтэрээнэ” («Ветеран труда РФ в Республике Саха (Якутия)») ааты ким ыларый?
– Бу ааты-суолу иҥэрии өҥөтө ССРС эбэтэр Арассыыйа мэтээллэринэн уонна уордьаннарынан наҕараадаламмыт дьоҥҥо, бочуотунай аатынан, РФ Бэрэсидьиэнин грамотатынан эбэтэр наҕараадатынан бэлиэтэммит дьоҥҥо, 15 сылтан итэҕэһэ суох уһуннук бэриниилээхтик үлэлээн биэдэмистибэлэр бэлиэлэринэн наҕараадаламмыттарга ананар. Бу аакка түһэриллээччилэр олорор сирдэринэн сайаапка бэриллэр, кинилэр бу муниципалитекка регистрациялаах эбэтэр олох атын сиргэ олорор буолуохтарын эмиэ сөп.
– “СӨ Үлэ бэтэрээнэ” (“Ветеран труда Республики Саха (Якутия)”) ааты ыларга туох ирдэбиллэр баалларый?
– «Ветеран труда Республики Саха (Якутия)» аат Саха өрөспүүбүлүкэтигэр олорор Арассыыйа гражданнарыгар бэриллэр. Онуоха маннык ирдэбиллэргэ эппиэттиэхтээхтэр:
Наҕараадалаахтарга:
— “Полярная звезда” уордьаннаахтар;
— “Гражданская доблесть” бэлиэлээхтэр;
— “СӨ Бочуоттаах олохтооҕо” ааттаахтар;
— «Заслуженные работники всех отраслей РС(Я)» бочуоттаах ааттаахтар;
— Эр дьон 25, дьахталлар 20 сыл кырата суох Саха сиригэр үлэлээбит ыстаастаах буоллахтарына.
Саастарынан биэнсийэҕэ тахсалларыгар эр дьон 40, дьахталлар 35 сылтан кырата суох страховой ыстаастаах буоллахтарына:
— ол иһигэр эр дьон 25, дьахталлар 20 сыл ыстаастара Саха сиригэр ааҕыллыбыт буоллаҕына;
— 15 сылтан кырата суох биир салааҕа үлэлээбиттэргэ.
Түөрт эбэтэр онтон элбэх оҕону төрөппүт дьахталларга, оҕолорун 8 саастарыгар диэри ииппиттэрин кэннэ (иитэ ылааччылар эмиэ хапсаллар);
— Саха сиригэр үлэлээбит страховой ыстаастара 20 сылтан кырата суох буоллаҕына.
Саха өрөспүүбүлүкэтин арктическай улуустарыгар олорор түөрт эбэтэр онтон элбэх оҕону төрөппүт дьахталларга, оҕолорун 8 саастарыгар диэри ииппиттэрин кэннэ (иитэ ылааччылар эмиэ хапсаллар).
— Саха сиригэр арктическай улууска үлэлээбит страховой ыстаастара 10 сылтан кырата суох буоллаҕына.
Судаарыстыбаннай наҕараадалаах дьахталларга:
— “Герой ийэ”;
— “Ийэ албан аата”;
10 сылтан кырата суох страховой ыстаастаахтарга.
— “СӨ Үлэ бэтэрээнэ” дастабырыанньаны хайдах ылалларый?
– Дастабырыанньаны ыларга МФЦ (“Мои документы”) нөҥүө эбэтэр судаарыстыбаннай өҥөлөр порталларын көмөтүнэн сайаапка ыыталлар. Пааспар, наҕараадаларын дастабырыанньата (наҕараадаларынан барар киһиэхэ), үлэ киниискэтэ, диплом, үлэ ыстааһын бигэргэтэр атын докумуоннар ирдэнэллэр.
“Үлэ бэтэрээнэ” дастабырыанньатын уонна социальнай чэпчэтиилэр эр дьон 55, дьахталлар 50 саастарын туолбуттарын эрэ кэннэ бэриллэр.
– Үлэ бэтэрээннэригэр туох чэпчэтиилэр баалларый?
– РФ уонна СӨ Үлэ бэтэрээннэригэр маннык кэккэ чэпчэтиилэр бааллар:
— 1226 солк. кээмэйдээх ыйдааҕы төлөбүр;
— Олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбатын (ЖКХ) өҥөлөрүгэр компенсация – 1604 солк.
— Саха сирин таһымыгар бэтэрээннэргэ ый ахсын төлөнөр харчы (ЕДВ), уопсастыбаннай тырааныспарга чэпчэтиилээх айанныыр быраап, Олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбатын (ЖКХ) өҥөлөрүгэр компенсация, үлэлээбэт Үлэ бэтэрээннэригэр санаторийга сынньанар путевка төлөбүрүн 80 бырыһыана төлөнөр.
Бу туһунан Улус.Медиа суруйда.
Редакция