Ыйыт — эппиэттиибит

Сиринэн айан сырыыта сабылынна. Томторго сөмөлүөт көтөрүн боппуруоһа туох диэн быһаарылларый? Бу — түөрт нэһилиэк дьонун наадыйар кыһалҕата.

Дария Тихомирова, Томтор

Ыйытыкка хоруйдуур “2-с Бороҕон нэһилиэгэ” МТ дьаһалтатын баһылыга Алексей Винокуров:

— Мин СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлигэр К.Е. Бычковка, РФ Сенаторыгар С.М. Афанасьевка туһаайан ыыппыт суруктарым кэнниттэн СӨ Тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтин миниистирин солбуйааччыта С.Н. Коркинтан маннык хоруйу туттум:

Маҕан – Томтор — Маҕан хайысханан сөмөлүөт көтүүтүн боппуруоһугар, санкцияларынан сибээстээн, Л-410 сөмөлүөттэри өрөмүөннүүргэ саппаас чаас суох буолан, “Авиакомпания “Полярные авиалинии” ААУо бу дьыл олунньу 20 күнүттэн көтүүнү тохтотто. Ол да буоллар бу хампаанньа суһал санрейстэри салҕыы оҥоруоҕа. Айан суола сабыллан турар кэмигэр, бу дьыл муус устар 16 күнүттэн ыам ыйын 28 күнүгэр диэри Маҕан – Хаандыга — Маҕан хайысханан рейс оҥоһулларын иһитиннэрэбин. Көтөр аалга билиэт сыаната — 12 194 солк.

Маны таһынан Куйдуһун муостата 2024 сыл ыам ыйын 15 күнүгэр аһыллара сабаҕаланарын туһунан иһитиннэрэбин”.

Любовь КРИВОШАПКИНА

Читайте дальше