Үөрэнэр үчүгэй даҕаны!

Биһиги оскуолабытыгар олус интэриэһинэй тематическай нэдиэлэлэри тэрийэн ыыталлар. Оҕолор олус сэҥээрбит нэдиэлэлэриттэн биирдэстэринэн Химия нэдиэлэтэ буолла.

Бастакы күн химия учуутала Е.Г. Посельская нэдиэлэ былаанын билиһиннэрбитэ. Бу күнтэн биһиги киһи эрэ сөҕүөх араас уопуттарын көрбүппүт. «Вулкан на столе», «Фараонова змея,» «Золотая ножница», «Пломбир», «Пена» диэн ааттаах уопуттартан астынныбыт да, сөхтүбүт даҕаны.

Павильоннарга күн аайы дойдубутугар химическэй бырамыысалыннас ситиһиилэрин көрдөрөр быыстапка турда.

Ол иһигэр «Ювелирная промышленность» павильоҥҥа учууталлар бэрт элбэх күндү таастартан оҥоһуллубут оҥоһуктарын көрдөрүүгэ таһаарбыттара ураты ордук болҕомтону тардыбыта.

Улахан кылаас кыргыттара ити кэрэ оҥоһуктары кэтэн хааман көрдөрбүттэрэ.

«Автомобилестроение» диэн павильон эмиэ туспа ис хоһоонноохтук көһүннэ. Оҕолор дьиэлэриттэн араас оонньуур массыыналары аҕалан көрдөрүүгэ туруордулар, итинтэн  араас маркалаах массыыналары билистибит.

Алын сүһүөх кылаастарга химия нэдиэлэтэ туспа бырагырааманан ааста.

Түмүккэ, Ганс Христиан Андерсен «Снежная королева» остуоруйатынан испиктээк туруоран, оҕолор дириҥ ис хоһоонноох нэдиэлэ ааста, оҕолор бары тэрээһинтэн дуоһуйууну ыллылар.

Учууталбытыгар Екатерина Гаврильевна Посельскаяҕа сонун, интэриэһинэй нэдиэлэ буолбутугар махтанабыт.

Давид Канаев, 8-с кылаас, Өймөкөөн.

Читайте дальше