Өймөкөөн орто оскуолатыгар «Учууталбынаан бииргэ» диэн учууталга аналлаах тэрээһин эҕэрдэ кэнсиэртэн саҕаламмыта.
Кэнсиэри эҕэрдэ тылларынан, кырачааннар хоһооннорунан, сценкаларынан арыйбыппыт. Оскуолабыт ырыа куттаах уола Витя Захаров ырыата бу дьоро күнү олус киэргэппитэ.
Оттон улахан оҕолорго ордук 8-с кылаастар фольклорнай нүөмэрдэрэ үрдүк биһирэбили ылбыта. «Индигир долгуннара» диэн оскуолабыт биир киэн туттар үҥкүү бөлөҕө түргэн тэтимнээх үҥкүүлэринэн эҕэрдэлээн, түмүккэ бары кыралыын-улаханныын эҕэрдэ кэнсиэри флешмобунан өрө көтөҕүллэн түмүктээбиппит сонун көстүү этэ.
Сарсыҥҥытыгар оҕолор учууталлары солбуйан уруок биэрэр бэрт долгутуулаах күннэрэ үүммүтэ. Ол курдук оҕолор бу күнү дуоспуруннанан, эппиэтинэстээхтик атаарбыттара.
Дириэктэри 11-с кылаас үөрэнээччитэ Вексений Булдаков солбуйбута, иитэр-үөрэтэр үлэҕэ солбуйааччыларынан 11-с кылаас үөрэнээччилэрэ Джули Винокурова уонна Лана Кондакова буолбуттара. Бу күн үөрэнээччилэр бука бары үөрэ-көтө үөрэммиттэрэ.
Ити курдук учууталларбытын уонна бэтэрээн-педагогтары үөрэн-көтөн туран эҕэрдэлээбиппит, Өймөкөөн чиргэл тиитин курдук кытаанах доруобуйаны, үлэлэригэр үрдүк ситиһиилэри, дьолу-соргуну баҕарбыппыт.
Найаана Корякина, 8-с кылаас, Өймөкөөн