Т.И. Скрыбыкина аатын сүгэр Сордоҥноох орто оскуолатын 11-с кылааһын үөрэнээччилэрэ Учуутал күнүн көрсө саха тылын учууталын, СӨ үөрэхтээһинин туйгунун Мария Иванова салалтатынан уһуйааччы туһунан санааларын үллэстэллэр.
Учуутал диэн оҕо оскуола боруогун атыллыаҕыттан кинини кытта тэҥҥэ сылдьар, өйдөһөн-өйөһөн, бииргэ алтыһан билиини-көрүүнү иҥэрэр ытык киһи буолар. Учуутал идэтэ олус уустук, хас биирдии оҕоҕо тус-туһунан сыһыан наада. Оҕо, биллэрин курдук, үтүө дьоҥҥо тардыһар.
Миигин кыра кылааска дириҥ билиилээх-көрүүлээх учуутал Люция Ивановна Егорова үөрэппитэ. Кини мин бастакы учууталым, миэхэ саамай наадалааҕы уһуйбут күндү киһим буолар. Ол курдук кини миигин олоххо сыһыаҥҥа, улахан дьону, төрөппүттэрбин убаастыырга, саха норуотун алыптаах остуоруйаларын кэрэхсииргэ, о.д.а. үөрэппитэ-такайбыта. Мин кинини күн бүгүнүгэр диэри өйдүү-саныы сылдьабын.
Сурук-бичик билигин суоҕа буоллар, учууталларбыт да суох буолуохтара этэ. Кумааҕыны дьон былыр үйэҕэ айан, таҥара малыыппатын суруйаары алпаабыт айбыттара. Инньэ гынан, билигин тыл, үөрэх уонна сурук-бичик олус сайдан турар.
Киһи дьоло — үөрэх. Тыл диэн сүдү күүс. Тыл киһини алгыыр, тыл киһини хомотор, тыл киһини үөрдэр алыптаах. Үөрэхтээх киһи тылы кыайан сөпкө туттар, онтон учууталыҥ тылы баһылаабыт буоллаҕына, оҕолорго тиийимтиэ гына өйдөтөр.
Холобур, Суорун Омоллоон «Хараҥаҕа тыкпыт сырдык» диэн айымньытыгар сүрдээх күүстээх санаалаах оҕо көстөр. Кини хара күүһүнэн оскуолаҕа үөрэнэ киирэр. Ол уолчаан аата Ньукуус диэн. Ньукуус кыра эрдэҕиттэн улахан киһи курдук толкуйдаан, үөрэх диэн наадалааҕын өйдөөн, үөрэнэ сатыыра, миигин ааҕааччы быһыытынан долгуппута. Оччолорго Ньукуус курдук оҕо элбэх этэ. Ол гынан баран, оскуолаҕа киирэр кыаҕа суох оҕо эмиэ үгүс буолара.
Билигин олох тосту-туора тупсан, хас биирдии оҕо үөрэхтээх, сайдыылаах буоларыгар толору кыах бэриллэр. Ону биһиги үрдүктүк сыаналыах тустаахпыт.
Түмүкпэр этиэм этэ: учууталлары убаастааҥ, сыаналааҥ уонна үрдүккэ тардыһыҥ!
Мин учуутал диэн тыл суолтатын маннык өйдүүбүн: кини оҕону үөрэтэн, иитэн, киһини киһи оҥорон, олоххо тирэх биэрэр аналлаах киһи. Үөрэхтээх дьон кынаттаахтар дэнэр.
Учуутал киһини сайдыы суолугар сиэтэн киллэрээччи.
Устуоруйаны сэгэтэн көрөр буоллахха, сурук-бичик быһа холуйан, 1300 сылларга баар буолбут диэн үөрэхтээхтэр этэн тураллар. Ол гынан баран, чопчу айыллыбыт сыла мөккүөрдээх, араас барыйаан баара биллэр. Оннук сайдан бүгүҥҥэ диэри кэллибит. Былыргы сахалар кумааҕы диэн суох эрдэҕинэ, хатыҥ туоһугар хоруонан суруйар эбиттэр. XVIII үйэҕэ Российскай империя кииниттэн Саха сиригэр сыылкаҕа ыытыллыбыт суруйааччылар саха норуотун үөрэхтээх оҥорбуттара.
Аҕа дойду Улуу сэриитин да саҕана үөрэхтээһин тохтооботоҕо. Ол курдук, сэрии тиэмэтигэр хото үлэлээбит Тимофей Сметанин «Егор Чээрин» диэн айымньытыгар саллаат күүстээх санаалаах буолуохтааҕын көрдөрөр. Бу санааны киниэхэ, биллэн турар, ииппит-үөрэппит учуутала биэрбитэ саарбаҕа суох.
Манан мин этиэхпин баҕарабын: учуутал киһиэхэ ааҕары, суруйары эрэ үөрэтээччи буолбатах. Кини, бастатан туран, кэнчээри ыччаты патриоттуу өйгө-санааҕа, төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буоларга үөрэтэр.
Учуутал киһи доҕоро диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Хас эмит сылы быһа үөрэнээччитигэр суолун ыйар, олоххо бэлэмниир. Учуутал суоҕа буоллар, билиҥҥи курдук харахпыт сырдаан олоруохпут суоҕа этэ.
Бастыҥ учуутал биир үтүөкэннээх холобурунан Татьяна Иннокентьевна Скрыбыкина буолар. Кини төрөөбүт дойдутугар учуутал идэтин баһылаан кэлэн, Орто-Балаҕан дьонун-сэргэтин үөрэтэн, туох баар күүһүн-уоҕун ууран туран үлэлээбитэ, инникигэ сайдыыны түстээбитэ.
Мин билигин Сордоҥнооххо кини аатын сүгэр оскуолаҕа ситиһиилээхтик үөрэнэ сылдьабын.
Мин күндү учууталларбар үчүгэйи эрэ баҕарабын. Сыралаах үлэҕит үтүө түмүктээх буоллун.
Учуутал диэн киһини сөптөөх суолга туруорар киһи. Кини оҕоҕо бастакы тирэҕин тутан биэрэр уонна сырдыкка кынаттыыр.
Аан бастаан ааҕарга үөрэтэр, ааҕарга үөрэннэххинэ, бу мутугунан быраҕар муҥур олоххо барытыгар үөрэниэххэ сөп. Элбэҕи ааҕар киһи өйдөөх буолар. Түҥ былыргыттан үөрэхтээх дьону “мындыр өйдөөх тииҥ мэйии” дииллэрэ.
1456 сыллаахха маҥнайгы бэчээттиир станок оҥоһуллубута. Дьэ, ол көмөтүнэн элбэх киһи ааҕарга, суруйарга олус баҕалаах буолбута.
Учуутал диэн хас биирдии киһи доҕоро. Билиҥҥи олоххо сатаан аахпат-суруйбат киһи саакка-суукка барар. Онтон былыр элбэх киһи үөрэҕэ суоҕа.
Холобур, Д.К. Сивцев-Суорун Омоллоон суруйбут «Хараҥаҕа тыкпыт сырдык» диэн кэпсээнигэр Ньукуус ийэлээх-аҕата үөрэҕэ суох дьон этилэр. Онтон уоллара барахсан наһаа үөрэххэ тардыһар оҕо этэ. Ол курдук Ньукуус аҕатын кытта сырдыкка тардыһан, оскуолаҕа киирээри бииргэ бараллар. Уолчаан бастакы учуутала соччото суох этэ. Онтон сотору кэминэн Ньукууһу бэлиитик, нуучча Болдьумаар үөрэтэ ылар. Онон Ньукуус хараҥа олоҕор сырдык тыгар. Ол иһин этэллэр, “үөрэхтээх киһи хараҥаҕа муммат” диэн.
Үөрэх да араастаах буолар. Холобур, «саҥата суох оскуола» диэн эмиэ баар. Саҥата суох оскуола диэн киһи бэйэтин иһигэр баар хаачыстыбата. Өскөтүн туран, киһи туохха эмэ сыыһар уонна ол сыыһатын өйдөөн, кэлэр сырыытыгар хатылаабат буоллаҕына, ол аата иһигэр баар «оскуолата» үчүгэйдик үлэлиир. Онтон, арай, сыыһатын хатылыы турар буоллаҕына, бу киһи инникитэ сарбыллар. Онон киһи бэйэтин сыыһаларын көрөн көннөрдөҕүнэ, ол эмиэ иһинээҕи учууталын үлэтин сабыдыала диэн ааттанар.
Дьон-сэргэ арааһынай. Ким хайдах үөрэниэн баҕалааҕыттан тутулуктаах. Бу сиргэ киһи үөрэнэ уонна үөрэтэ кэлэр.
Балаһаны Любовь КРИВОШАПКИНА бэлэмнээтэ