Үчүгэй оскуолатын педагогтара өрөспүүбүлүкэтээҕи дьаарбаҥкаҕа

«Тыа оскуолата & Үөрэх маарката» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи педагогическай дьаарбаҥка үөрэх тэрилтэлэрин сайыннарар суоллары тобуларга кыттааччылары түмэр сүрүн сайыҥҥы тэрээһин буолар.

Ньургуйаана Находкина, П.В. Заболоцкай аатынан Үчүгэй орто оскуолатын учуутала:

Биһиги оскуолабытыттан дьаарбаҥкаҕа алтыа буолан  =кыттыыны ыллыбыт. Бырайыак көмүскээһинигэр уонна араас хайысхалаах куурустарга сылдьан элбэҕи биллибит-көрдүбүт. Холобур, технология, ОБиЗР («Основы безопасности и защита Родины»), физика, алын кылаас учууталларын куурустарыгар үөрэннибит.

«Инновационнай үөрэх бырагыраамалара» диэн бырайыакпытын көмүскээн, биһиги «Уопуту тарҕатыы» диэн күрэххэ кыттан, сэртипикээт ыллыбыт.

Ону таһынан Лингвард Карпов уонна мин «Өксөкүлээх алгыстаах санаалара — норуоту түмэр күүс» диэн күрэххэ кыттан, эмиэ сэртэпикээтинэн наҕараадаланныбыт.

Ити курдук улуус педагогтара дьаарбаҥкаҕа ырытыы былаһааккаларыгар, төгүрүк остуолларга, маастар-кылаастарга о.д.а. тэрээһиннэргэ сылдьан, өрөспүүбүлүкэ учууталларын кытта алтыстылар, уопуттарын уонна санааларын атастастылар.

Бу туһунан “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕыҥ.

Евдокия Егорова

 

Читайте дальше