Үчүгэй нэһилиэгэр табаһыкка аналлаах искибиэр тутуллуо

Үчүгэй нэһилиэгэр дьон-сэргэ олохтоох көдьүүһү өйөөһүн бырагырааматыгар (ППМИ) бу сылларга көхтөөхтүк кыттан кэллэ. Бу туһунан “Үчүгэй нэһилиэгэ” МТ дьаһалтатын сүрүннүүр исписэлииһэ Аграфена Аммосова иһитиннэрдэ.

Олохтоох көдьүүһү өйөөһүн өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагырааматын үбүлээһинэ хайдаҕый?

Өрөспүүбүлүкэ + олохтоох дьаһалта + спонсордар + нэһилиэнньэ.

Үчүгэй нэһилиэгэ хас сылтан ППМИ куонкурсугар кыттарый?

2018 сылтан ыла түөрт бырайыак олоххо киирдэ:

— Бөһүөлэк иһинээҕи суолу уонна муостаны өрөмүөннээһин (Молодежнай уул.);

— Убаҕас тобоҕу тиэйиигэ аналлаах тиэхиньикэни атыылаһыы;

— Школьнай уулуссаҕа спортивнай-оонньуур былаһаакканы тутуу;

— Орто оскуола тэлгэһэтин тупсаран оҥоруу.

Быйыл ханнык бырайыак былааннанарый?

Нэһилиэнньэ куоластааһынынан, сөбүлэҥин биэрбитинэн бөһүөлэк киин сиригэр “Табаһыттар искибиэрдэрин” тутуу бырайыага кыайда:

  • Олохтоох дьон күүстээх түмсүүлэринэн, төрөөбүт дойдуларыгар, олорор сирдэригэр кыһамньыларынан хас да сыл тухары олохтоох көдьүүһү өйөөһүн өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагырааманан үөһэ ыйыллыбытын курдук, нэһилиэккэ үгүс үлэ ыытылынна. Бу да сырыыга кыайарга эрэл баар. Дьоммутугар-сэргэбитигэр бу бырагыраамаҕа кыттарга көхтөөхтөрүн иһин махтанабыт, — диэтэ А.Е. Аммосова.

Бу барыта нэһилиэк сайдарын, олох тупсарын туһугар оҥоһуллар.

Любовь Кривошапкина бэлэмнээтэ

Читайте дальше