“Якутоптторг”: хотугу улуустары аһынан-үөлүнэн хааччыйыы бигэ тиһигэ олохтонно

Саха сиригэр социальнай суолталаах табаардары тиэйиигэ-таһыыга судаарыстыбаттан боломуочуйалаах соҕотох тэрилтэ баар. Ол – “Якутоптторг” хампаанньа. Ил Дархан Айсиэн Николаев 2019 сыллаахха “Якутоптторг” АУо уонна “Туймаада-Агроснаб” ААУо диэн икки улахан тэрилтэни холбоон, биир кыахтаах хампаанньаны тэрийэргэ быһаарыы ылыммыта. Дьаһал сөптөөҕүн уонна дьоҥҥо-сэргэҕэ туһалааҕын кэм-кэрдии көрдөрдө, бигэргэттэ.  

“Якутоптторг” АУо генеральнай дириэктэрэ Николай Алексеев: “Биһиги билигин өрөспүүбүлүкэ ыраах сытар уонна суола-ииһэ суох 237 нэһилиэгин хабан, туох-ханнык иннинэ нэһилиэнньэ күннэтэ туттар ас-үөл табаардарынан тиһигин быспакка хааччыйарга соруктанан үлэлиибит. Хампаанньабыт Аартыка уонна хотугу 16, Бүлүү сүнньүнээҕи 4, киин уонна илин эҥээрдээҕи 8 улуустар олохтоохторун кытта быһаччы алтыһар. Билиҥҥи туругунан, өрөспүүбүлүкэ 19 улууһугар кууһунан атыылыыр базалаахпыт, холбоон 42 тыһ. кв. м иэннээх 50 ыскылааттаахпыт. Олорго барыта 17 тыһ. туонна табаары уурар-хаһаанар кыахтаахпыт”, – диэн билиһиннэрэр.

Хампаанньа Ил Дархан “Аартыка түбэтин 2035 сылга диэри социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын стратегията” Ыйааҕын олоххо киллэрии чэрчитинэн эргиэн-логистика кииннэрин  тэрийиигэ утумнаахтык уонна ситиһиилээхтик үлэлиирин бэлиэтээбэт буолуохха сатаммат. Ил Дархан сорудаҕынан 2025 сылга диэри өрөспүүбүлүкэ Аартыка түбэтигэр киирэр 13 хотугу улууһугар эргиэн-логистика кииннэрин арыйыахтаах. Билиҥҥитэ түөрт киин Биэлэй Гораҕа (Абый), Уус Куйгаҕа (Усуйаана), Черскэйгэ (Аллараа Халыма), Сааскылаахха (Анаабыр) тэриллэн үлэлииллэр. Быйыл балаҕан ыйын 8-10 күннэригэр Орто Халыма куоракка, ый иккис аҥаарыгар Зырянка бөһүөлэгэр (Үөһээ Халыма), өссө бу сылы баттаһа Булуҥ уонна Эдьигээн улуустарыгар арыллыахтара.

“Якутоптторг” АУо сүрүн производственнай базатын Аллараа Бэстээххэ тэриммитэ олус табыгастаах. Тимир суолунан тиэйиллэн кэлбит социальнай суолталаах табаардарын хотугу улуустарга суол арыллыар диэри манна үрдүттэн сүөкээн уурар-хаһаанар. Өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын өйөбүлүнэн ас-үөл хасааһын тэриниигэ бигэ акылаат уурулунна. Ол курдук, хампаанньа тимир суолунан 2021 с. 6 828 туонна аһы-үөлү аҕалбыт буоллаҕына, былырыын 8 435 туоннаны аҕалбыта. Быйыл 8 ый устатыгар 5 500 туонна кэллэ, сыл бүтүөр диэри өссө 5 100 туонна аһы-үөлү аҕаларга былаанныыр.

Биһиги өрөспүүбүлүкэбит иһигэр таһаҕаһы тиэйии-таһыы схемата аһара уустугун үрдүнэн, социальнай суолталаах аһы-үөлү хотугу улуустарга көлө бары көрүҥүнэн тиэйэр-тиэрдэр кээмэйбитин сылтан сыл улаатыннаран иһэбит, – диир хампаанньа салайааччыта. – Холобур, 2018 с. 6 тыһ. туонна табаар тиэйиллибит буоллаҕына, ааспыт сылга 8,6 тыһ. туоннаны тиксэрдибит. Быйылгы былааммыт – 10,3 тыһ. туонна. Дьыл кэмиттэн тутулуктанан, көлө үс көрүҥүн туһанабыт: кыһын – массыыналарынан, сайын – уу суолунан, суол-иис быстар кэмигэр – салгын аалларынан”.

“Якутоптторг” үлэтэ кэҥээбитин туһанан, таарыйа дьоҕус авиация үлэтэ-хамнаһа лаппа сэргэхсийдэ. Ол курдук, Ан-2 сөмөлүөт кэлиҥҥи 15-20 сыл тухары көппөтөх нэһилиэктэригэр тиийтэлиир буолла. Хампаанньа эрдэтээҥи хортуоппуйу, оҕуруот аһын бэйэтин уу аалларынан хотугу улуустар кииннэригэр, бириистэннэригэр сүөкээн баран, суола-ииһэ суох ыраах нэһилиэктэргэ кыра сөмөлүөттэринэн тастарар. Холобур, 2019 с. 19 нэһилиэккэ 113 туонна оҕуруот аһын, 153 туонна социальнай суолталаах аһы-үөлү тиэйтэрбит буоллаҕына, ааспыт сылга 38 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа 245 туонна оҕуруот аһа уонна 221,30 туонна ас-үөл тириэрдилиннэ.

Авиацияттан ураты массыына уонна уу суолларынан таһаҕаһы тиэйиини хампаанньа бэйэтэ сүрүннүүр. Сиринэн кыһыҥҥы суол турдар эрэ уопуттаах суоппардар ыраах айаҥҥа туруналлар. Кинилэр наймыламмыт дьон буолбатахтар, тэрилтэ бэйэтэ бас билэр автопааркатыгар үлэлиир суоппардар. Ол иһин эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһаллар. Ханнык баҕарар уустук-ыарахан суолунан табаардарын бүтүн уонна тиһэҕэр диэри тириэрдэллэригэр хампаанньа салалтата эрэнэр. Өссө киэҥник ылан көрдөххө, бэйэ автопааркалааҕа тиэйии-таһыы ороскуотун кыччатар, онон сиэттэрэн табаар-бородуукта сыаната аһара үрдээбэтин ситиһэр кыаҕы биэрэр.

“Якутоптторг” АУо логистика саҥа тиһигин оҥорон, табаар улахан аҥаарын уу суолунан таһарыгар бэйэтэ флоттааҕа төрүт буолла.  “Магдебург” уонна “Михаил Мальчиков” рефрижератордаах теплоходтар хотугу улуустарга аһы-үөлү, тутуу матырыйаалын, о.д.а. табаары тиксэрэллэр итиэннэ Дьокуускайга төннөллөрүгэр балыксыт хаһаайыстыбалар туттарбыт үрүҥ балыктарын тиэнэн кэлэллэр. Хампаанньа флотугар өссө “СПО-826”, “СТК-1012” таһаҕас тиэйэр суудуналар, 2021 с. атыылаһыллыбыт икки баржалаах анньар буксир бааллар. “Виктор Худорожко” буксир икки баржатын холбоон,  450 туонна  уйуктаах сэп – өрүс уута түһэн, атын ааллар кыайан хаампат кэмнэригэр – Бүлүү сүнньүнээҕи улуустарга табаары бүтүннүү тириэрдэрин түмүгэр таһаҕаһы тиксэрии кээмэйин улаатыннарар уонна тиэйии-таһыы ороскуотун намтатар ситиһиллэрин хампаанньа салалтата бэлиэтиир.

Кэлиҥҥи сылларга хотугу өрүстэргэ эмиэ уу эрдэ түһэн, чычаарар  буоланнар, уу суолунан таһаҕаһы тиэйии элбэхтик харгыстанарын билэбит. Холобур, навигация кэмигэр “Якутоптторг” АУо суудуналара Халыма өрүскэ кыайан киирбэт буолбуттара. Онтон сылтаан Орто Халыма уонна Үөһээ Халыма улуустарын аһынан-үөлүнэн хааччыйыы уустугурбута. Аартыка түбэтигэр навигация от ыйын 20 күнүттэн эрэ аһыллар буолан, сайыҥҥы өттүгэр ити улуустар олохтоохторо бородууксуйанан ситэ хааччыллыбат кыһалҕалара үөскээбитэ.

Бачча суруйан баран, биир дьоһун суолталаах түгэни тумнан ааһар табыллыбат. Хампаанньа “СТК-1012” аала былырыыҥҥы навигацияҕа Хотугу муора суолунан бастакытын турунан, Астрахантан Черскэйгэ Саха сирин Аартыкатааҕы улуустарыгар анаан 730 туонна социальнай суолталаах аһы-үөлү уонна 3 эргиэн-логистика киинэ тутуллуохтаах матырыйаалын тиэйэн аҕалбыта. Суудуна 1,5 тыһ. туонна таһаҕаһы тиэйэр уонна Хотугу муора суолунан навигация устатыгар биирдэ (айаныгар икки ый барар) сылдьар кыахтаах. Оттон Аартыка түбэтигэр киирэр улуустарга барыларыгар навигация кэмигэр 4 115 туонна ас-үөл табаара аҕалыллара эрэйиллэр. Эргиэн-логистика кииннэрэ тутуллан элбээн иһэллэринэн, тиэйиллиэхтээх-таһыллыахтаах кээмэй өссө улаатара күүтүллэр. Онон инникитин хампаанньа флотун саҥа аалларынан хаҥатан, Хотугу муора суолунан навигация устатыгар 4,5 тыһ. туонна аһы-үөлү тиэйэн аҕалыы соруга турар.

Оччотугар хотугу улуустар олохтоохторо сыана үрдүүрүттэн оҕустараллара намырыыра, күннэтэ туттуллар аһынан-үөлүнэн хааччыллыыларын таһыма өссө тупсара чуолкай. Манна сыһыаран эттэххэ, “Якутоптторг” АУо бородууксуйаны оҥорон таһаарааччылары кытта быһаччы үлэлэһэр. Холобур, оҕуруот аһын уонна фруктаны Узбекистантан уонна Турцияттан дуогабар түһэрсибит сыанатыгар олоҕуран атыылаһар. Ол даҕаны иһин, аҕыйах сыллааҕыттан бэттэх хотугу улуустарга “Якутоптторг” диэн суруктаах лааппылар Дьокуускайдыын тэҥ эбэтэр бородуукта сорох көрүҥүн намыһах сыанаҕа атыылыылларыттан ким даҕаны аны соһуйбат-өмүрбэт буолла. Киһи барахсан үчүгэйгэ түргэнник үөрэнэр.

Василий Никифоров