Владивостокка Саха сирин куораттарын маастар-былааннарын билиһиннэрдилэр

Балаҕан ыйын 12 күнүгэр Владивостокка Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум кэмигэр Саха сирин инвестиционнай потенциалын туһунан билиһиннэрдилэр. Сүрүннээн тэрээһиҥҥэ өрөспүүбүлүкэ куораттарын маастар-былааннарын туһунан кэпсээтилэр.

«Быйылгы Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорумҥа биһиги улахан болҕомтону куораттарбыт маастар-былааннарын олоххо киллэриитигэр уурабыт. Ол курдук, билигин Дьокуускай, Нерюнгри уонна Мииринэй куораттар бырайыактара оҥоһулла сылдьаллар. Бу үс куорат Уһук Илиҥҥэ саамай түргэнник сайдан иһэр киининэн буолаллар. Маастар-былаан чэрчитинэн суоллар өрөмүөннэниэхтэрэ, хаарбах дьиэлэр көтөрүллүөхтэрэ, саҥа оскуолалар, уһуйааннар уо.д.а социальнай хайысхалаах эбийиэктэр тутуллуохтара. Бу улахан үлэ түмүгүнэн олох-дьаһах хаачыстыбата тупсуоҕа, куорат олохтоохторун ахсаана элбиэҕэ», — диэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин экэниэмикэтин миниистирэ Майя Данилова бэлиэтээтэ.

Бэлиэтээн суруйдахха, бэҕэһээ пуорум кэмигэр дойду бэрэсидьиэнигэр Владимир Путинҥа Нерюнгри куорат маастар-былаанын билиһиннэрбиттэрэ.

«Нерюнгри уонна атын даҕаны куораттар маастар-былааннарын Бэрэсидьиэн өйүүрүн биллэрдэ. Владимир Владимирович куораттар кэлим сайдыыларын былаанын бигэргэтэргэ уонна үбүлээһин хайдах оҥоһулларын быһаарарга соруйда. Дойдубут бэрэсидьиэнин өйөбүлүн иһин махтанабын», — диэн Айсен Николаев телеграмм-ханаалыгар суруйда.

Бу күннэргэ Владивостокка ахсыс төгүлүн ыытыллар Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум буола турар. Саха сирэ пуорум кэмигэр 100 миллиард солкуобай суумалаах 30-ча инвестиционнай бырайыактарга илии баттаһар былааннаах.

Саха сирэ

Читайте дальше