Владимир Путин — дойдубут ыччатын холобур оҥостор лидерэ

ХИФУ историческай салаатын устудьуона, «Кыайыы волонтердара» Бүтүн Арассыыйатааҕы хамсааһын Саха Сиринээҕи салаатын толорооччу дириэктэрэ,  Өймөкөөн улууһунааҕы Н.М. Заболоцкай аатынан Томтор орто оскуолатын 2022 сыллааҕы выпускнига Тимур ЕГОРОВ:

  •  Дойдубут президенэ Владимир Путин дуоһунаһыгар киириитэ — барыбытыгар улахан суолталаах уонна үөрүүлээх тэрээһин. Путин — бу дойдуга бигэ турук мэктиэтэ, Путин — бу кырдьыктаах эйгэни тутуу бэлиэтэ диэххэ сөп.

Үөрүүлээх сиэр-туом кэнниттэн  лидербыт, баһылыкпыт В.В. Путин тыл этиитин бүтүн аан дойду дьоно кэрэхсээн көрдүлэр-иһиттилэр диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Владимир Владимирович онно арҕаа санкциялар усулуобуйаларыгар дойдубут хайаан да атаҕар бигэтик турарын, бэйэтин суверенитетын бигэтик көмүскүүрүн уонна элбэх омуктаах норуота биир ньыгыл буоларын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

Ыам ыйын 7 күнүгэр Кремльга ыытыллыбыт бу киэҥ далааһыннаах общественнай-политическай тэрээһин, дириҥ ис хоһоонноох тыл этиитин кэнниттэн биһиги бас-көс киһибит, лидербыт Владимир Путин имиджа Арассыыйаҕа, бүтүн аан дойду да үрдүнэн өссө күүһүрбүтэ буолуо диэн санаалаахпын.

Редакция

 

Читайте дальше