III-с «Азия оҕолоро» Норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньуулар бырагыраамаларыгар 50-ча араас култуура тэрээһинэ киирэн турар. Тэрээһиннэр бэс ыйын 1 күнүттэн саҕалаан от ыйын 6 күнүгэр диэри салҕаныахтара, диэн иһитиннэрэр култуура уонна духуобунас миниистирэ Афанасий Ноев.
«Култуура уонна духуобунас министиэристибэтинэн бэлэмнэниллибит VIII-с «Азия оҕолоро» Оонньуулар култуурунай бырагыраамаларын Оонньуулары тэрийэр кэмитиэт бигэргэттэ. Бырагыраамаҕа өрөспүүбүлүкэ 22 улууһуттан үс тыһыынчаттан тахса оҕо, ыччат, артыыстар, уус-уран кэлэктииптэр кыттыыны ылыахтара. Тэрээһиннэр бэс ыйын 1 күнүттэн «Арассыыйа – мин историям» пааркаҕа «От идеи к истории Игр «Дети Азии» быыстапкаттан саҕаланыахтара. Экспозициялар Бастакы Бэрэсидьиэн Михаил Николаев көҕүлээһининэн Оонньуулар төрүттэммит историяларын, Оонньуулар дьоруойдарын кэпсиэхтэрэ»,– диир Афанасий Ноев.
Бэс ыйын 1 күнүттэн итини сэргэ Национальнай музей Санкт-Петербурдааҕы Судаарыстыбаннай Нуучча музейын кытта «Айвазовский и великие русские маринисты» быыстапканы арыйаары олороллор.
Үгүс култуурунай тэрээһин куорат болуоссаттарыгар ыытыллыаҕа. Ол курдук, күннэринэн уонна көрүҥнэринэн кыайыылаахтары чиэстиир сиринэн Хомсомуол болуоссата буолуоҕа. Орджоникидзе болуоссатыгар сүрүннээн оҕо кэлэктииптэрэ кэнсиэрдиэхтэрэ, норуот маастардарын, кинигэ быыстапкалара үлэлиэхтэрэ, Кэнсиэртэр итини сэргэ Доҕордоһуу болуоссатыгар буолуохтара.
Оттон Оонньуулары үөрүүлээхтик арыйыы бэс ыйын 26 күнүгэр Николай Тарскай аатынан «Туймаада» стадиоҥҥа буолаары турар. Режиссер Андрей Борисов салайааччылаах айар бөлөх көрөөччүлэргэ уонна кыттааччыларга «Арктика куйаарыгар айан» диэн ааттаах үс чаастаах киэҥ бырагырааманы бэлэмнии сылдьаллар.
Санатар буоллахха, VIII-с «Азия оҕолоро» спортивнай оонньуулар быйыл «төрөөбүт дойдутугар» Дьокуускай куоракка эргиллэн, бэс ыйын 25 – от ыйын 7 күннэригэр ыытыллаары тураллар. Ол туһунан Ил Дархан уонна бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Редакция