ВЭФ-2024: Саха сирэ бастакы сөбүлэһиилэргэ илии баттаата

Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум (ВЭФ) хонуутугар Саха сирэ бастакы сөбүлэһиилэргэ илии баттаата, диэн Саха сирэ суруйар.

«Амурскай уобалас губернатора Василий Орловы кытары биһиги  атыы-эргиэн, экэнэмиичэскэй, научнай- тэхиниичэскэй уонна култуурунай бииргэ үлэлээһин туһунан сөбүлэһиини олоххо киллэриигэ бииргэ үлэлээһин боротокуолугар илии баттаатыбыт. «Билии» Арассыыйа уопсастыбатын кытта Саха сирин нэһилиэнньэтин научнай, үөрэҕирии уонна култуурунай таһымын үрдэтиигэ научнай-сырдатар үлэҕэ бииргэ үлэлиэхпит.«Арассыыйа устудьуоннарын этэрээттэрэ» ыччат уопсастыбаннай тэрилтэтин кытары бииргэ үлэлээһин туһунан сөбүлэһии быһыытынан Уһук Илиҥҥэ уонна Саха сиригэр бииргэ үлэлэһиигэ уонна дойду эдэр каадырдарын тардыыга көхтөөх үлэни ыытыахпыт», — диэн Ил Дархан Айсен Николаев ТГ-ханаалыгар суруйда. Пуорумҥа барыта 25-тии млрд солк. кэриҥэ инвестиция уопсай кээмэйэ 160 млрд солк. тэҥнэһиэхтээх.

Читайте дальше