ВЭФ-2023: Владимир Путин Уһук Илин салгынынан таһыы сайдыытын былаанын бэлэмнииргэ соруйда

Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ВЭФ пленарнай мунньаҕар РФ Бырабыыталыстыбатыгар 2024 с. кулун тутар 1 күнүгэр диэри Уһук Илин салгынынан таһыыны сайыннарыыга уонна саҥардыыга былааны бэлэмнииллэригэр соруйда.

«Кулун тутар 1 күнүгэр диэри бырабыыталыстыба Уһук Илин уокурук иһигэр салгынынан таһыыны сайыннарыыга тэрээһин кэлим былаанын бэлэмнииргитигэр көрдөһөбүн. Онно саҥа аэропортары тутуу уонна баар пуортары саҥардыы, дьоҕус авиация үлэтин ыстандаартарын тупсарыы, дойду оҥорбут сөмөлүөттэрин уонна бөртөлүөттэрин тириэрдии уонна, биллэн турар, авиахампаанньалар салгын суудунатыгар лизиннэрин ороскуоттарын аччатыы суотугар сөмөлүөтүнэн көтүүнү улаатыннарыы киириэхтээх», – диэн Бэрэсидьиэн соруйда.

Онуоха судаарыстыба баһылыга 2030 сылга Уһук Илин иһинээҕи рейстэригэр пассажирдар көтүүлэрэ сылга түөрт мөлүйүөн киһиттэн кырата суох буолуохтаах диэн сорук туруорда.

Маннык быһарыы, чуолаан, Саха сиригэр олус улахан суолталаах. Салгынынан таһыы – өрөспүүбүлүкэ тырааныспарынан сырыытын хааччыйар, дьон олоҕун таһымын үрдэтэр биир сүрүн хайысха буолар.

Читайте дальше