Сахабыт сиригэр уһун кыһын кэнниттэн самаан сайын кэлбититтэн туох барыта үөрэр-көтөр, дууһа ыллыыр кэмигэр тус хоту, Тымныы полюһунан аатырбыт Өймөкөөн ытык сиригэр, ааттыын үчүгэй — Үчүгэй диэн сиргэ уоттаах сэрии бара турар кэмигэр кырачаан Вася диэн оҕо күн сирин көрбүтэ эмиэ да ураты уонна дьикти санааны үөскэтэр.
Ити сыллар бары билэрбитинэн, дойдубут үрдүнэн ыарахан кэмнэр этилэрэ. Ийэ дойдуну көмүскүүр туһуттан кыанар эр дьон бары кэриэтэ фроҥҥа, эбэтэр тыыл ыарахан үлэтигэр сырыттахтара, ас-таҥас кэмчи, элбэх сиргэ дьон аччыктаан олохторо быстыбыта. Ол да буоллар тоҥ буору тобулан, күн сиригэр тардыһан сааскы ньургуһун син биир тылларыныы, дьон олоххо, сырдыкка тардыһан оҕо-уруу төрөтөрө, оттон-мастан тардыһан тыыннаах хаалан, “сэрии сылын оҕолоро” диэн ааттанан, Улуу Кыайыы 80 сылын көрсөөрү, төһө да санныларыгар элбэх хаары уулларбыттарын иһин бааллар, бааллар…
Олор истэригэр аата дорҕооноохтук ааттанар, биллэр көстөр үлэлээх-хамнастаах биир дойдулаахпыт Хоту дойду Хоһууна диэн Василий Степанович Винокуров буолар. Кини уһун олоҕун устата ситиһиитэ кырдьык да, биир киһи холоонугар, тарбахха баппат элбэх диэтэххэ сыыһа буолуо суоҕа. Ону барытын ааҕа-суруйа турдахха, биир лоскуй бэлиэтээһиҥҥэ баппата биллэр.
Быһаччы эттэххэ, бэйэтин кэмигэр саха дьонун-сэргэтин төрүт баайа — ынах, сылгы, таба ииититигэр Василий Степанович сүүнэ кылааттаах. Кини үлэлиирин тухары Дьааҥы, Эбээн-Бытантай, Өймөкөөн, Анаабыр уонна бүтүн республика тыатын хаһаайыстыбата сайдыытыгар өйүн-санаатын, күүһүн-уоҕун, баай уопутун бүттүнүү анаабыта.
Ол да буоллар ханна да үлэлээтэр сүрэҕэ-быара, өйө-санаата мэлдьи тардыстар сирэ — төрөөбүт төрүт улууһа, Өймөкөөнө буоллаҕа. Кини өрүү “Төннө туруом дойдубар, төрөөбүт сирбэр туһалыам” диэн санаанан салайтарара. Оннук да буолбута. Улахан таһымнаах дуоһунастарга атын улуустарга үлэлии сылдьан, бэйэтэ тылланан иккитэ дойдутугар төннөн кэлэн, “Өймөкөөн” уонна “Үчүгэй” суопхуостар социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыыларагар улахан кылаатын киллэрбитэ.
1988 сыллаахха Анаабырга оройуон Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан үлэлии сылдьан дойдутугар кэлэн, “Үчүгэй” сопхуос “Өймөкөөнтөн” арахсан туспа тэриллиитигэр, бу саҥа хаһаайыстыба бастакы дириэктэрэ буолбута. Эттэххэ дөбөҥ, хаалыылаах учаастактан саҥалыы хайысхалаах сопхуоһу тэрийии, үбү-харчыны булуу… Ол эрээри күүстээх эрчимнээх үлэ түмүгэр кылгас кэм иһигэр Үчүгэйгэ үлэ-хамнас күөстүү оргуйбута, олох-дьаһах тосту уларыйан, сайдыы тэтимнээхтик барбыта. Манна сөптөөх олук ууруллан ыччат кэлэн силис-мутук тардан, оҕо-уруу төрөтөн күн бүгүнүгэр диэри Үчүгэйгэ дьон-сэргэ олохсуйан олороро үөрдэр. Сыллар-хонуктар ааспыттарын да иһин, тиит мас сөпкө олордуллан силистэнэн-мутуктанан модун маһы санатар диэбит курдук, уустук кэмнэри туораан, нэһилиэк сыллата сайдар, тупсар.
Бу буолар, Василий Степанович Винокуров төрөөбүт төрүт дойдутугар муҥура суох тапталын, дьонугар-сэргэтигэр ытыктабылын бэлиэтэ.
— Аҕа саастаах дьон санаатын, ситэ оҥорботоҕун эдэр көлүөнэ салгыыр. Онон оччотооҕу кэм оҕолоро, ыччаттара билигин үөрэх ылан, үүнэн-сайдан убаастыыр биир дойдулаахтарын В.С. Винокуров туһунан санааларын тиһэллэрэ — бу саамай күндү. Көлүөнэ алтыһыытын туоһута, — диир Василий Степанович олоҕун аргыһа Маргарита Егоровна Винокурова.
БИҺИГИ Үчүгэйбит бөһүөлэгин сайдарын туһугар элбэх кылаатын киллэрбит, күндүтүк саныыр биир дойдулаахпыт Василий Степанович буолар. Бу Орто дойдуга төрөөн-үөскээн 80 сааскын томточчу туолар кэрэ-бэлиэ кэрдиис кэмҥинэн Эйиэхэ истиҥ иэйиилээх иһирэх эҕэрдэбитин, уруйдаах алгыспытын тиэрдэрбитин көҥүллээ. Биһиги Эйиигин мэлдьи кыһамньылаах үлэһит, олох кыһалҕатын өйдүүр, тулуурдаах, сымнаҕас майгылаах киһи быһыытынан үрдүктүк сыаналыыбыт уонна махтанабыт! Киэҥ-холку, чиэһинэй, хайа да ыарахантан чаҕыйбат, ыктарыылаах да кэмҥэ ыгылыйбат майгыҥ, тулалыыр дьоҥҥор-сэргэҕэр эйэ-дэмнээх, дьиҥ чахчы доҕордуу сыһыаныҥ ыччакка үтүө холобур буолар. Эн ханна да үлэлээтэргин мэлдьи күүскүн-уоххун, сатабылгын барытын уураргын, үлэҥ-хамнаһыҥ ситиһиилээх буоларыгар туруулаһаргын үчүгэйдик билэбит.
Аймах-билэ дьонуҥ, үгүс атаһыҥ-доҕоруҥ махталынан арыалланан, бар дьонуҥ истиҥ сыһыаннарынан кынаттанан өссө да уһун үйэлэн! Ыарыы ыалласпатын, дьаҥ-дьаһах халты хаамтын, үтүө ыраҥ туолан, санаабытыҥ ситэн истин диэн айхаллыыбыт. Оҕолоруҥ-сиэннэриҥ тапталларыгар бигэнэн, өссө да уһуннук, дьоллоохтук сүһүөҕүҥ үрдүгэр сылдьан үгүс дьоҥҥун үөрдэ сырыт! Айыы киһитин сирдээҕи олоҕун ыйар үтүө санаалаах айыыларбыт — Айыыһыт, Иэйэхсит – өрүү араҥаччылыы сырыттыннар!
Наталья ГРОМОВА (Березкина),
бибилиэтиэкэ үлэһитэ.
ВАСИЛИЙ Степанович 80 сааһын томточчу туолла! Кини олоҕун устата нэһилиэк, улуус, республика сайдыытын туһугар үгүс көлүөнэ ыччатын сирдээн, саҥалыы хайысхаҕа үктэннэрбит сүҥкэн кылааттаах ытык киһибит буолар. Кини ханнык да ыарахаттартан чаҕыйбат салайааччы, үлэһит үтүөтэ буоларын биһиги бары билэбит, үрдүктүк сыаналыыбыт уонна дириҥник махтанан сүгүрүйэбит. Эн “Үчүгэй” совхоз тэриллэн атаҕар туруутугар, нэһилиэкпитигэр үөрэх кыһата – орто оскуола аһыллан эдэр ыччат кэскилэ сайдыытыгар олук ууран биэрбит сыраҕын, үтүө үлэҕин хаһан да умнуохпут суоҕа.
Күндү Василий Степанович, аймах-билэ дьонуҥ, бар дьонуҥ истиҥ сыһыаннарынан кынаттанан, дьоһуннаах олоҕуҥ ыччаккар салҕаннын! Модун санааҥ уҕараабакка, өрүү эрчимнээхтик хардыылыы сырыт диэн санаам бастыҥын бу үбүлүөйдээх күҥҥэр ис сүрэхпиттэн тиэрдэбин!
Евдокия БУЛДАКОВА
(Винокурова), учуутал
— Бу эҕэрдэлэрин хаһыакка ыыппыт олохтоох оҕолор оччотооҕу кэмҥэ кыра этилэрэ. Кинилэр Үчүгэй нэһилиэгэр орто оскуола арыллан, онтон кынат анньынан, салгыы анал үөрэх кыһатыгар үөрэнэн, билигин дойдуларыгар төннөн кэлэн ыал буолан, оҕо төрөтөн ситиһиилээхтик үлэлии-хамныы сылдьаллара үөрдэр, — диэн үллэстэр Маргарита Егоровна Винокурова.
Любовь КРИВОШАПКИНА