Уус-Ньараҕа сахалар гостиницаларыгар

Уус-Ньара бөһүөлэгэ оройуон киинэ буолан сырыы, кэлии-барыы элбэх. Сыл ахсын манна саҥаттан саҥа дьон үлэлии кэлэ тураллар. Гостиницаларга  ардыгар миэстэ суох буолар, онон кэлээччи дьон чааһынайдарга олорор сири көрдөнөллөр.

КЭРГЭННИИЛЭР, Төрүт нэһилиэгиттэн төрүттээх Борис Кривошапкин уонна Өймөкөөн сэлиэнньэтиттэн тардыылаах Тамара Федорова ыалдьыт дьиэтин (гостевой дом) тэринэн үлэлээбиттэрэ алтыс сылыгар барда. Кинилэр манна республика улуустарыттан, араас ыраах дойдуттан кэлбит дьону олохтууллар, кинилэр ортолоругар ардыгар туристар да баар буолаллар. Ыалдьыт дьиэтэ үгүс киһи кылгас кэмҥэ кэлбит, сынньанан ааһар табыгастаах тохтобул сиринэн буолар.

Бу иннинэ Тамара Егоровна уонна Борис Петрович дьиэлэригэр  чугас аймахтара, доҕотторо куруутун ыалдьыттаан, хонон-өрөөн ааһар буоланнар, кинилэр биир үтүө күн аналлаах, туспа дьиэ туттарга сананан, ыалдьыт дьиэтин тутан дьэндэппиттэрэ.

Маҥнай биир этээстээх 4 хостоох биэстии оронноох, душтаах, туалеттаах, ас астанар куукуналаах, иһитэ-хомуоһа барыта толору хааччыллыылаах бэрт тупсаҕай, сылаас дьиэни туттубуттара. Онтон сотору кэминэн хаһаайка Тамара ыалдьыт дьахталлар эр дьоннуун биир дьиэҕэ олохсуйаллара хайдах эрэ табыгаһа суоҕун өйдөөн, кинилэр  мэһэйдэппэттэрин туһуттан иккис этээс туттарга былааннаан, ону олоххо киллэрэллэр.  Ити курдук ыалдьыт дьиэтэ кэҥээн билигин икки этээстэээх, 6 хостоох иккилии миэстэлээх, толору хаччыллыылаах бэртээхэй сынньанан ааһар тохтобул сирэ буолан турар. Ону таһынан дьиэ олбуордаах буолан, таһырдьа табыгастаах массыына паарката баар. Кэлбит ыалдьыттар кыһынын ыраата барбакка, манна олбуор иһигэр гараж арендалыыллар. Бористаах билигин хас да көмүс артыалын кытта дуогабар түһэрсэн үлэлииллэр.

Хаартыскаҕа: Грецияттан Магадааҥҥа айаннаан иһэр туриһы кытта

Командировкаҕа кэлээччилэр дуоһуйа сынньанан, астынан гостиницаҕа үрдүк сыанабылларын биэрэн ааһалларыттан хаһаайыттар үөрэллэр. Бизнеһи тэринии, салайыы уонна сайыннарыы чэпчэки буолбатах. Бу дьыала хорсун санаалаах, өйдөөх-толкуйдаах эрэ дьоҥҥо бэриниэн сөп.

Тамара Егоровна уонна Борис Петрович бизнеһи ырытыы, былааннааһын, салгыы сайыннарыы үөрүйэхтэрин баһылыырга билигин да үөрэнэллэр, уопут мунньуналлар.

Мария ГЕРМОГЕНОВА

Бу туһунан сиһилии «Хотугу сардаҥа» хаһыакка ааҕаарыҥ

 

 

Читайте дальше