Уус-Ньара хочуолунайын туһунан кэпсэтии барда

Бу күннэргэ Владивосток куоракка Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум ыытылла турар. Саха сирэ бу суолталаах тэрээһин биисинэс-бырагырааматыгар сыл аайы кыттар.

2015 сылтан ыла Саха сирэ 900 млрд солкуобай суумалаах 200-тэн тахса дуогабары олохтосто. Сыл бүтэһигэр бу суумма триллиону куоһарыаҕа. “Үгэс быһыытынан бу пуорумҥа Саха сирин олохтоохторун уйгулаах олохторун тупсуутугар туһуламмыт бырайыактарга сөбүлэҥнэри түһэрсэбит”, — диэн бэлиэтээтэ Ил Дархан Айсен Николаев.

Бүгүҥҥү күҥҥэ бу ыытыллар үлэ түмүктээх — социальнай, инфраструктурнай уонна бырамыысаланнас эбийиэктэрэ үлэҕэ киирдилэр. Өссө да тутулла тураллар, нэһилиэнньэлээх пууннары тупсарыы үлэтэ ыытыллар.  Ол курдук, маннык сөбүлэҥнэр түмүктэринэн, Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум суолталаах бырайыактартан “Верхне-Мунскай руда” алмааһы хостуур тэрилтэ; «Дражное» сир баайын хостуур-переработкалыыр «Тарын» көмүс хостуур комбинат; Тиксиигэ тыал күүһүнэн үлэлиир дизельнэй  комплекс; «Саюри» сылы эргиччи үлэлиир оҕуруот аһын үүннэрэр комплекс; Аччыгый Академия үөрэнэр-лабораторнай куорпуһа; Дьокуускай куоракка: 2 №-дээх балыыһа поликлиникатын тутуу; «Звездный» олорор дьиэ түөлбэтин тутуу; Сайсары күөл территориятын тупсаран оҥоруу уо.д. а. суолталаах бырайыактар үлэҕэ киирдилэр.

Быйылгы пуорумҥа  Саха сирэ 25 дуогабары түһэрсэр былааннаах, уопсай инвестиция кээмэйэ 160 млрд. солк. кэриҥэ буолуоҕа. Докумуоннар бырамыысаланнас эбийиэктэрин тутууга, инфраструктура бырайыактарын олоххо киллэриигэ, эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы бииргэ үлэлээһини сайыннарыыга сыһыаннаахтар. Саамай бөдөҥ бырайыактар — Найба муора пуордун тутуу, Өймөкөөн оройуонугар сылааһынан хааччыйыы систиэмэтин саҥардыы, Тиихэй акыйааҥҥа тимир суолу тутуу,  «Арктика Синергията» бырайыагы кэҥэтии, Дьокуускай генеральнай былаанын олоххо киллэрии буолаллар.

“Квартальнай“ хочуолунай саҥардыллыаҕа

Өймөкөөн оройуонун улууһун киинигэрУус-Ньараҕа “Квартальнай” хочуолунай саҥардыллыыта үөрүүлээх сонунунан буолла.  Сөбүлэһии чэрчитинэн, Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорумҥа «РусГидро» уонна Саха сирин бырабыыталыстыбата бииргэ үлэлээһиҥҥэ илии баттастылар. Ол түмүгүнэн Өймөкөөн оройуонун Уус-Ньара нэһилиэгин киин хочуолунайыгар сылааһынан хааччыйыы систиэмэтэ саҥардыллыаҕа. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ Аҕа баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын  пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

«Сөбүлэһии чэрчитинэн, эргэрбит “Квартальнай” хочуолунай саҥардыллыаҕа, маны таһынан,  Өймөкөөн оройуонун Уус-Ньара бөһүөлэгэр саҥа ититэр ситимнэр, пууннар тутуллуохтара», — диэн бэлиэтээтэ Ил Дархан Айсен Николаев.

«РусГидро» бөлөх өттүттэн бырагыраама операторынан улууска сылааһынан хааччыйар «Теплоэнергосервис» АУо буолуоҕа. Сөбүлэһии быһыытынан былааннаммыт дьаһаллар хампаанньа энергияны харыстааһын уонна энергияны туһаныы бырагырааматыгар киирэллэрэ былааннанар.

Улууска ититии сезона балаҕан ыйын 6 күнүттэн саҕаланыаҕа

«Теплоэнергосервис» АУо Өймөкөөннөөҕү салаатын салалтатын үөрүүлээх сонунунан эҕэрдэлээн баран, салайааччы Максим Ямщиковтан улууска сылааһы хаһан биэрэллэрин ыйыттыбыт.

Өймөкөөн оройуонугар «Теплоэнергосервис» ХЭТ хочуолунайдарыгар ититии сезона балаҕан ыйын 6 күнүттэн саҕаланыаҕа. Биһиэхэ быһаччы холбоммут эбийиэктэр бары сылааһынан хааччыллыахтара, бастатан туран, бу социальнай инфраструктура эбийиэктэрэ – уһуйаан, оскуола, балыыһа уо.д.а. Оттон олорор дьиэлэргэ улуус киинигэр – управляющай хампаанньалар, нэһилиэктэргэ – хочуолунайдар  маастардара дьаһайыахтара, — диэн Максим  Ямщиков бэлиэтээтэ. Онон улууска ититии  сезона бу нэдиэлэттэн саҕаланар.

Өймөкөөн  улууһун пресс-сулууспата

 

 

 

Читайте дальше