Уус-Ньара баһылыгын быыбарыгар икки хандьыдаат турда

«Уус-Ньара бөһүөлэгэ» куораттааҕы поселение баһылыгын дуоһунаһыгар регистрацияламмыт хандьыдааттар:

  1. ПОНАМАРЧУК Виктория Николаевна, 1976 с.т., олорор сирэ – Уус-Ньара бөһүөлэгэ; үрдүк үөрэхтээх; үлэлиир сирэ, дуоһунаһа — «Уус-Ньара бөһүөлэгэ» куораттааҕы поселение дьаһалтата, баһылыгы солбуйааччы. Бэйэтэ туруорунан.
  2. САПЕГИНА Елена Ивановна, 1975 с.т., олорор сирэ – Уус-Ньара бөһүөлэгэ; үрдүк үөрэхтээх; үлэлиир сирэ, дуоһунаһа — «Өймөкөөн улууһа» МТ үпкэ управлениета, салайааччыны солбуйааччы. Бэйэтэ туруорунан.

 Быыбардааччыларга санатар буоллахха, быйыл балаҕан ыйын 8 күнүгэр

Өймөкөөн оройуонугар маннык быыбардар буолаллар:

  1. Халыма -Индигирдээҕи биир мандааттаах 34 №-дээх быыбардыыр уокурукка Ил Түмэн сэттис ыҥырыытыгар норуот дьокутаатын эбии быыбардааһын (уокурукка киирэллэр — Абый, Үөһээ Дьааҥы, Муома, Өймөкөөн уонна Орто Халыма улуустара).
  2. «Өймөкөөн улууһа» муниципальнай оройуон баһылыгын быыбара;
  3. «Өймөкөөн улууһа» муниципальнай оройуон Сэбиэтин дьокутааттарын эбии быыбара;
  4. «Уус-Ньара бөһүөлэгэ» куораттааҕы поселение (ГП) баһылыгын болдьох иннинээҕи быыбара;
  5. «2-с Бороҕон нэһилиэгэ» муниципальнай тэриллии дьаһалтатын дьокутааттарын бэһис ыҥырыытыгар Сэбиэтин эбии быыбара.

Эрэдээксийэ

 

 

 

 

Читайте дальше