Хаһыат бүгүҥҥү ыалдьыта — Сордоҥноох нэһилиэгин олохтооҕо, Өймөкөөн улууһун норуот маастара Парасковья Васильевна Яковлева.
Улууска кини уран тарбахтарынан тикпит кэрэ-мааны таҥаһын-сабын сыаналаабатах, кэппэтэх киһи ахсааннааҕа буолуо.
Парасковья Яковлева Сордоҥноох нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1979 сыллаахха Дьокуускайдааҕы педучилищены бүтэрэн баран, Сордоҥноох оҕо саадыгар 15 сыл, кэлин оскуолаҕа 15 сыл таһаарыылаахтык үлэлээбитэ.
Кини биһиги улууспут уран тарбахтаахтарыттан биирдэстэрэ. Сордоҥноох нэһилиэгин олохтоохторугар сакааска элбэх таҥаһы-сабы илиитигэр бу талааннаах киһи тикпитэ.
Улууска киэҥник биллэр «Саһарҕа» үҥкүү ансаамбылын үҥкүүһүттэрин көстүүмнэрин тигиигэ, эскииһин толкуйдуурга Парасковья Васильевна көмөтө, өйөбүлэ улахан. Ол да иһин кини 2021 сыллаахха Өймөкөөн улууһун норуот маастарын үрдүк ааты ылбыта элбэҕи этэр.
Быйыл сайын Өймөкөөн улууһугар ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо Ыһыаҕар тымныы полюһун олохтооҕо кыратыттан саҕалаан аҕам саастаах дьонугар тиийэ көхтөөхтүк кыттыбыта биллэр. Норуот маастара Парасковья Васильевна, биллэн турар, бу улахан суолталаах тэрээһинтэн эмиэ туора турбата. Нэһилиэгин дьонун кытта тэбис-тэҥҥэ тэрээһин үрдүк таһымнаахтык ыытылларыгар тус кылаатын киллэрдэ.
Бу туһунан “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕаарыҥ.
Ольга Скрыбыкина