Сэтинньи 17 күнүгэр Арассыыйаҕа Полиция участковай боломуочунайдарын күнэ бэлиэтэнэр.
Өймөкөөн улууһун Томтор, Сордоҥноох, Үчүгэй, Өймөкөөн нэһилиэктэригэр бэрээдэги көрөр, участковай боломуочуйалаахтар уонна сокуоннай саастарын туола иликтэр дьыалаларыгар начаалынньык эбээһинэһин толорооччунан Денис Слепцов үлэлиир.
Денис Александрович Томторго участковайынан ананан үлэлээбитэ 5-с сылыгар барда. Бэйэтэ Муома улууһуттан төрүттээх, кэргэннээх, 3 оҕолоох.
— Участковай үлэтэ төгүрүк суукканы хабар диэххэ наада, — диэн кэпсиир Денис Александрович. — Хаһан баҕарар араас быһылаан тахсыан сөп. Ол иһин, хас биирдии күн этэҥҥэ, быһылаана суох ааһарыгар бары күүспүтүн ууран үлэлиибит-хамныыбыт. Үүнэр күнү түүҥҥү субуокканы көрөртөн саҕалыыбыт, ханнык матырыйааллар киирбиттэрин ырытыһабыт, күннээҕи былааммытын торумнуубут. Томторго участковайдар иккиэбит: мин уонна көмөлөһөөччүм Александр Васильев.
— Сыл аайы буруйу оҥоруу көрүҥэ уларыйар. Холобур, былырыын тыа куустатыгар элбэх суол быһылаана тахсыбыта. Быйыл халаан уута киирэн турар кэмигэр буруйу оҥоруу элбээбитэ. Ону тэҥинэн, тыа куустатыгар арыгыны иһииттэн сылтаан буруйуу оҥоруу сыл аайы көстөр.
Кэлиҥҥи кэмҥэ дьон-сэргэ бэйэтин быраабын туруорсарга дьулуһара үксээбитэ, сүрдээх грамотнай буолбута кэрэхсэбиллээх. Дьон үксэ эппиэтинэстээх, сокуон хараҕын тутуһар буолан, үлэлииргэ-хамсыырга бу төһүү көмө буолара саарбахтаммат.
Бу туһунан сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕаарыҥ.
Ольга Скрыбыкина