Уол оҕо сорсуннааҕа Георгий Софронов

Красноярскай куоракка кулун тутарга хотугу норуоттар успуордун көрүҥнэригэр Россиятааҕы чемпионат ыытыллыбыта. Онно дойдубут 13 регионнарыттан бастыҥтан бастыҥ, анал ааттаах-суоллаах, кыахтаах спортсменнар күөн көрүстүлэр. Уопсайа 5 көрүҥҥэ биирдиилээн уонна хамаанданан кыайыы туһугар алта хонук устата тургутуһан, илин-кэлин түсүһэн туруул аһыы буолла.

Ол курдук, 3 төгүл төхтөрүйэн ыстаныыга, аркааны, сүгэни ыраах быраҕыыга, наартаны ойууга, 3 км сүүрүүгэ кыттааччылар уйаннарын-хатаннарын, сатабылларын көрдөрөн, күрэх 54 кыттааччыта инники күөнү былдьастылар.

Арассыыйа чемпионатыгар Өймөкөөн улууһун чаҕылхай, киэн туттар ыччата, СӨ, РФ успуордун маастара, хас да төгүллээх рекордсмена Георгий Софронов тиийэн, аатын ааттатан үрдүк таһаарыылаахтык кытынна. Наартаны ыстаныыга кини 1111-дэ ойон, 2-с миэстэ буолла.

 

Георгий Софронов Арассыыйа чемпионатыттан кэлээт да кулун тутар 25-30 күннэригэр Нерюнгри куоракка Саха Республикатын 5-с кыһыҥҥы Спартакиадатыгар кыттар чиэскэ тигистэ. Өймөкөөн улууһун спортсменнара хайдах кыттан кэлбиттэрин, ситиһиилэрин туһунан улуус хаһыатыгар киэҥник сырдаппыттара. Хамаанданан киирсиигэ Өймөкөөн 1-кы миэстэ, Мэҥэ-Хаҥалас 2-с, Булун 3-с миэстэ буолбуттара. Кыһыҥҥы спартакиадаҕа 3 көрүҥҥэ туура, сылайары-элэйэри билбэккэ биһиги уолбут Георгий Софронов 20 бастыҥ спортсмены нөҥүөлээн, инники күөҥҥэ тахсан 1-кы миэстэни ылбыта.

Аны муус устар 3-7 күннэригэр Үөһээ Бүлүүгэ Константин Туприн аатыгар хотугу норуоттар оонньууларыгар СӨ чемпионата буолбута. 5 көрүҥҥэ киирсиигэ Георгий уопсай көрдөрүүтүнэн 1-кы миэстэни ылан, эмиэ күрэхтэһии абсолютнай чемпиона аатырда.

Бу туһунан сиһилии «Хотугу сардаҥа» хаһыакка ааҕын.

Анастасия СКРЫБЫКИНА,

Томтор орто оскуолатын, социальнай педагога

 

Читайте дальше