Дойдуга тохсунньу 25 күнүгэр Устудьуоннар күннэрэ (Татьяна күнэ) бэлиэтэммитэ. Бу кэрэ-бэлиэ даатанан сибээстээн, биһиги Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет устудьуоннарын кытта кэпсэттибит.
Нарыйана Максимова, ХИФУ норуоттар тылларын уонна култууратын үнүстүтүүтүн 3-с кууруһун устудьуона:
— Мин 1-11 кылаастарга төрөөбүт дойдубар, Сордоҥноох нэһилиэгин орто оскуолатыгар үөрэммитим. Билигин М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка норуоттар тылларын уонна культураларын үнүстүтүүтүн «Ыччаты кытта үлэни тэрийии» диэн салаатыгар үөрэнэ сылдьабын. Үөрэҕим 4 сыллаах, эhиил бүтэриэхтээхпин, ол кэнниттэн магистратураҕа барар санаалаахпын.
Мин иллэҥ кэммэр ордук науканы интэриэһиргээн, дьарыктанабын. Научнай ыстатыйаларбынан, бырайыактарбынан куонкурустарга кыттан миэстэлэһээччибин. Араас таһымнаах күрэхтэргэ эмиэ көтүппэккэ кыттарга кыһаллабын.
Тимур Егоров, ХИФУ историческай салаатын 2-с кууруһун устудьуона:
— Мин Н.М. Заболоцкай-Чысхаан аатынан Томтор орто оскуолатын ситиһиилээхтик, үрүҥ көмүс мэтээлинэн 2022 с. бүтэрбитим. Маҥнайгы учууталым СӨ Үөрэҕириитин туйгуна, Учууталлар учууталлара Валентина Ивановна Сивцева буолар. Кини миигин билии киэҥ аартыгар сирдээн киллэрбитэ. Оттон 5-11 кылаастарга кылааһым салайааччыта Мария Владимировна Балаева этэ, кини СӨ Үөрэҕириитин туйгуна, нуучча тылын учуутала.
Билигин мин М.К. Аммосов аатынан ХИФУ историческай факультетын история уонна обществознание идэтигэр үөрэнэ сылдьабын. Биэс сылынан үөрэхпин этэҥҥэ бүтэрдэхпинэ, педагогическай идэбин төрөөбүт дойдубар Өймөкөөҥҥө саҕалыыр баҕа санаалаахпын. Барҕа махталбын тириэрдиэм этэ миигин бу үөрэххэ сирдээбит учууталларбар, төрөппүттэрбэр, бииргэ үөрэммит доҕотторбор, чугас табаарыстарбар. Билигин Томторго история уонна обществознание уруоктарын үөрэтэр учууталга Ярослав Карлович Винокуровка махталым муҥура суох. Кини бу үөрэххэ киирэрбэр миэхэ улахан сүбэ-ама биэрбитэ. Кини «Надежда Якутии» диэн бэлиэ хаһаайына.
Бэйэм устудьуон олоҕун олус сөбүлээн, таһаарыылаахтык үөрэнэ сылдьабын. Элбэх араас хайысхалаах тэрээһиннэргэ өрүү кыттабын. Үөрэҕим таһынан Бүтүн Арассыйатааҕы «Волонтеры Победы» хамсааһын регионнааҕы салаатын толорооччу дириэктэринэн ананан үлэлиибин.
Санкт-Петербург куоракка тохсунньу 25-29 күннэригэр «Внуки Победы. Ленинград» диэн сүлүөккэ кыттыахтаахпын. Саха сириттэн иккиэбит. Сүлүөккэ 650 тыһ. киһи Арассыыйа 89 субъегыттан уонна аан дойду 59 судаарыстыбаттан кыттыахтара. Дьаһал Ленинграды фашистартан босхолооһун 80 сылыгар ананар.
Георгий Софронов, ХИФУ физическэй култуура уонна успуорт үнүстүтүүтүн 2-с кууруһун устудьуона, РФ уонна Саха сирин успуордун маастара:
— Мин Н.М. Заболоцкай-Чысхаан аатынан Томтор орто оскуолатыгар 1-10 кылаастарга «4» уонна «5» сыанаҕа үөрэммитим. Сырдыкка, кэрэҕэ, ааҕарга-суоттуурга үөрэппит, күндүтүк саныыр учууталым Валентина Ивановна Сивцева буолар. Математика уруогар ордук умсугуйан туран үөрэммитим. Салҕыы 5-10 кылаастарга дылы үөрэппит учууталым, кылааһым салайааччыта Мария Владимировна Балаева. Онон кинилэргэ махтал буолуохтун!
2021 с. 11-с кылааһы Дьокуускайдааҕы 12-с №-дээх оскуола саха кылааһыгар ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбитим. Бу мин бииргэ төрөөбүт эдьиийим Екатерина Софронова үлэлиир оскуолата.
Кыра эрдэхпиттэн спорка сыстаҕаспын. Аччыгый кылаастан үөрэҕим спорду кытта сибээстээх. Хайыһарынан, хотугу многоборьенан үлүһүйэбин, араас күрэхтэргэ кыттабын, ситиһиилэрбиттэн үөрэбин.
Устудьуон олоҕун өрүү уопсайга олорон билэр эбиккин. Иллэҥ кэммитигэр эбэтэр иэйии киирдэҕинэ, биһиги гитараҕа уонна пианиноҕа оонньуубут. Билигин мин туруоруммут сыалбын барытын үөрэҕи уонна спорду кытта ситимниибин.
Былырыын Арассыыйа таһымнаах спортивнай күрэххэ кыттан 1020 наартаны ыстанан, рекордсмен аатын ылбытым. Тириэнньэрим, аҕам Николай Николаевич Софронов — хотугу многоборье хас да төгүллээх рекордсмен. Кини туйаҕын хатара сылдьарбынан киэҥ туттабын.
Сиһилии «Хотугу сардаҥа» хаһыакка ааҕыҥ
Евдокия Егорова