Улууска туристическай кластер сайдыыта – кэм ирдэбилэ

 “Тымныы полюһа – Өймөкөөн” кыһыҥҥы   туризм бэстибээлин биирдэ да көтүппэт бэйэм, быйыл халтарыйан, эчэйэн, кыайан кыттыыны ылбатым. Ол да буоллар, “кулгаах-харах” буолан олорон, киин куоракка кэлээттэрин кытта, кэтээн олорон, тустаах дьонтон санааларын ыллым. Уонна маннык түмүгү оҥоруохпун баҕардым.

Биллэн турар, улахан ситиһии барыта уһун кэмнээх үлэ түмүгэ буоллаҕа. Улуус дьаһалтатын, култуура управлениетын, нэһилиэктэр баһылыктарын, Өймөкөөн урбаанньыттарын күүһүнэн кэлиҥҥи сылларга Өймөкөөн туризм сайдар киинэ буолан эрэрэ кэрэхсэбиллээх суол. СӨ Туризм сайдыытын ааҕыныстыбатын саҥа салайааччыта Аркадий Ксенофонтов быйылгы урбаанньыттар пуорумнарын түмүк резолюциятыгар киирбит этиилэри холобурдаабыта — уонча сыллааҕыта Өймөкөөн урбаанньыттара “улуус нэһилиэктэринэн туристическай кластерда оҥоруохха наада” диэбиттэрэ, дьэ олоххо киирэн эрэр дуу диэн үөрдүм.

Кырдьык, Өймөкөөн Тымныы полюһун өйдөбүлүгэр улуус  бары нэһилиэнньэлээх пууннара киирэллэр. Онон туризм  сайдыыта бары нэһилиэктэри, Уус-Ньараны уонна Аартыгы эмиэ хабыан наада. Быйылгы урбаанньыттар пуорумнарыгар Төрүт уонна Аартык олохтоохторо кыттыбатылар.

Дьиҥэр, Төрүтү саха фольклора уутуйан сайдыбыт сиринэн ааттыахха сөп. Манна сылгы кылынан оҥоһугу педагогическай үлэ бэтэрээнэ Акулина Егорова улууска бастакынан саҕалаабыта диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Учуутал Петр Атласов тэрийэн хаалларбыт “Байаҕантай” фольклорнай бөлөҕүн күн бүгүнүгэр диэри эдэр педагог Елена Слепцова ситиһиилээхтик үлэлэтэр.

Онон бу хайысханан төрүттэр да туризмы сайыннарыыга эмиэ толкуйданыахтарын наада. Резолюция биир пуунунан Култуура уонна искусство Арктическай институтугар Сордоҥноох нэһилиэгэр саҥа туристическай бренди тэрийиини сорудахтаабыттарыгар Төрүт нэһилиэгин эмиэ киллэттэриэххэ баара. Маныаха олохтоохтор, буолар тэрээһиннэргэ эмиэ, бу аныгы интэриниэт үйэтигэр истэ-билэ сылдьан, кыттан иһэргит буоллар.

Олоҥхо Ыһыаҕын курдук өрөспүүбүлүкэтээҕи сүдү тэрээһини үрдүк таһымнаахтык ыыппыт, “Өймөкөөттөр дуо?” дэппит дьон, туризм сайдыытын эмиэ инники күөҥҥэ илдьэ иһэр улуус буоларбыт быһыытынан, быйылгы тэрээһин  – “Тымныы полюһа – Өймөкөөн” бэстибээл эмиэ үйэлээххэ, сырдыкка дьоһуннаах хардыы буолла диэхпитин сөп. Онон, уоскуйан хаалбакка, салгыы иннибит диэки саҥа сүүрээннэри тобулан иһиэҕиҥ.

Елена Потоцкая

Читайте дальше