Улууска ситэриилээх былаас уорганын отчуота олунньу 23 күнүттэн саҕаланар

Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай былааһын ситэриилээх уорганнарын 2023 сыллааҕы үлэлэрин отчуота Өймөкөөн улууһугар 2024 сыл олунньу 23 күнүттэн олунньу 27 күнүгэр диэри ыытыллар.

1-кы бөлөх:

Вензель Айаал Ануфриевич, СӨ гражданскай оборона уонна нэһилиэнньэ куттала суох олоҕун хааччыйыы дьыалаларыгар миниистир бастакы солбуйааччыта, бөлөх салайааччыта;

Пихтин Эдуард Валерьевич, СӨ Экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы;

Ушницкай Николай Геннадьевич, СӨ “Инфокоммуникационнай технологиялар өрөспүүбүлүкэтээҕи киинэ” ГБУ дириэктэрин солбуйааччы;

Сыроватскай Владимир Дмитриевич, СӨ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин сүөһү иитиитигэр, племенной дьыалаҕа, кооперацияҕа уонна аччыгый хаһаайыннааһын көрүҥүн Департаменын кылаабынай исписэлииһэ;

Ксенофонтов Аркадий Анатольевич, СӨ «Агентство развития туризма и территориального маркетинга» ГАУ генеральнай дириэктэрин э.т.;

Фалеев Арнольд Юрьевич, “СӨ Уу хаһаайыстыбатыгар уонна халаан уутун содулун туоратар үлэни тэрийии толорор дириэксийэтэ” ГКУ уу хаһаайыстыбатын техническэй салаатын начаалынньыгын солбуйааччы;

Игнатьев Виктор Юрьевич, “СӨ Айан суолун управлениета” ГКУ генеральнай дириэктэрин бастакы солбуйааччыта.

2-с бөлөх:

Сивцев Владимир Михайлович, СӨ Тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирэ, оробуочай бөлөх салайааччыта.

Максимов Иван Егорович, — Өймөкөөн улууһун дьаһалтатын баһылыгын э.т.;

Семенов Трофим Трофимович, СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин быраап салаатын уонна мобилизацияҕа бэлэмнээһин кылаабынай исписэлииһэ;

Новиков Владимир Владимирович, СӨ Тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтин уу уонна тимир суол тырааныспарын Департаменын кылаабынай исписэлииһэ:

Платонов Руслан Михайлович, СӨ «Центр ресурсного обеспечения развития образования» ГКУ дириэктэрэ;

Румянцев Владимир Васильевич, СӨ Тутуу министиэристибэтин бүтүн өрөспүүбүлүкэтээҕи үтүө дьыала хамсааһынынсоруктарын олоххо киллэриигэ салаатын сүрүннүүр эксперэ.

Потоцкая Елена Егоровна, “Саха сирэ” хаһыат суруналыыһа;

Сивцева  Елена Валерьевна, СӨ Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтин демографическай уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр, эппиэкэ уонна попечительство  Департаменын салайааччыта;

Флегонтов Айаал Григорьевич, «Теплоэнергосервис» ААУо прозводственнай-техническэй управлениетын начаалынньыга.

Улуус бэрэстэбиитэллэрэ:

Фасхутдинова Дина Степановна, улуустааҕы Үөрэх управлениетын начаалынньыга;

Яковлева Инна Семеновна, улуустааҕы Тыа хаһаайыстыбатын управлениетын кылаабынай исписэлиһэ;

Кондаков Виталий Юрьевич, улуустааҕы судаарыстыбаннай экологическай кэтээн көрүү Инспекциятын салайааччыта;

Аммосова Прасковья Егоровна, улуустааҕы Нэһилиэнньэ көмүскэллээх буолуутун управлениетын начаалынньыга;

Алексеева Саргылана Васильевна, МТ экономика управлениетын начаалынньыга;

Саввинова Наталья Николаевна, улуустааҕы Киин балыыһа кылаабынай бырааһын солбуйааччы;

Ямщиков Максим Андреевич, “Теплоэнергосервис” ААУо Өймөкөөннөөҕү филиалын дириэктэрэ.

 

“Өймөкөөн улууһа” МТ Саха Өрөспүүбүлүкэтин  бырабыыталыстыбатын отчуотун кыраапыга

 Олунньу 24 күнэ (субуота), Өймөкөөн нэһилиэгэ

10.45 ч. – 11.30 ч. гражданнары приемнааһын (“Өймөкөөн Тымныы Оройо” МТ дьаһалтата);

11.30 ч. – 13.00 ч. “Өймөкөөн Тымныы Оройо” МТ отчуоттааһын (Өймөкөөн, култуура дьиэтэ).

 Олунньу 24 күнэ (субуота), Сордоҥноох нэһилиэгэ

10.45 ч. – 11.30 ч. гражданнары приемнааһын (“Сордоҥноох нэһилиэгэ” МТ дьаһалтата);

11.30 ч. – 13.00 ч. “Сордоҥноох” МТ отчуоттааһын (култуура дьиэтэ).

Олунньу 24 күнэ (субуота), Томтор нэһилиэгэ

16.00 ч. – 17.00 ч. гражданнары приемнааһын (“2-с Бороҕон нэһилиэгэ” МТ дьаһалтата);

17.00 ч. – 18.00 ч. “2-с Бороҕон нэһилиэгэ” МТ отчуоттааһын (култуура дьиэтэ).

Олунньу 25 күнэ (баскыһыанньа), Үчүгэй нэһилиэгэ

10.30 ч. – 11.00 ч. гражданнары приемнааһын (“Үчүгэй нэһилиэгэ” МТ дьаһалтата);

11.00 ч. – 13.00 ч. “Үчүгэй нэһилиэгэ” МТ отчуоттааһын (култуура дьиэтэ).

Олунньу 25 күнэ (баскыһыанньа), Төрүт нэһилиэгэ

18.15 ч. – 19.00 ч. гражданнары приемнааһын (“Төрүт нэһилиэгэ” МТ дьаһалтата);

19.00 ч. – 20.00 ч. “Төрүт нэһилиэгэ” МТ отчуоттааһын (култуура дьиэтэ).

Олунньу 25 күнэ (бэнидиэнньик), Аартык бөһүөлэгэ

11.30 ч. – 12.00 ч. гражданнары приемнааһын (“Аартык бөһүөлэгэ” МТ дьаһалтата);

12.00 ч. – 13.00 ч. “Аартык бөһүөлэгэ” МТ отчуоттааһын (култуура дьиэтэ).

Олунньу 26 күнэ (бэнидиэнньик), Уус-Ньара

16.00 ч. – 17.00 ч. гражданнары приемнааһын (“Өймөкөөн улууһа” МТ дьаһалтата);

17.00 ч. – 18.00 ч. “Уус-Ньара бөһүөлэгэ” МТ отчуоттааһын (култуура дьиэтэ).

Олунньу 27 күнэ (оптуорунньук), Уус-Ньара

09.00 ч. – 11.00 ч. отчуоту түмүктүүр мунньах (“Өймөкөөн улууһа” МТ дьаһалтата).

Эрэдээксийэ

Читайте дальше