Бу туһунан улуустааҕы Тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начаалынньыга Руслан Атласов иһитиннэрдэ.
Руслан Михайлович бэлиэтииринэн, бэс-от ыйдарыгар улууска курааннаан баран, аны бу күннэргэ күүстээх ардах түһэн, үгүс охсуллубут от ууга сытар балаһыанньата үөскээтэ. Ол да буоллар кэтэх хаһаайыстыбалаах дьон, бааһынайдар үксүлэрэ үтүө күннэри баттаһа оттообут буолан, бэйэлэрин тустаах былааннарын улахан аҥаарын толорон иһэллэр.
— Биллэрин курдук, от үлэтин саамай үгэнин саҕана Куйдуһун үрэх муостата алдьанан, отчуттарга, Сордоҥноох нэһилиэгин олохтоохторугар ыксаллаах быһыы-майгы үөскээбитэ. 2-с Бороҕон нэһилиэгин олохтоохторун үгүстэрин ходуһалара бу үрэх нөҥүө сытар, — диир Р.М. Атласов. – Маныаха Томтор нэһилиэгин салалтата отчуттары мотуордаах оҥочонон туоратарга, оттугунан хааччыйыыга сөптөөх дьаһалы ылбыта кыстыкка оту хаһааныыга улахан көмөнөн буолла. Куйдуһун үрэх уҥуор биир үксүн тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар оттуу сылдьаллар. Ол курдук сылгы иитэр үс племенной хаһаайыстыбаттан иккитэ өссө даҕаны ходуһаттан тахса илик. Күммүт-дьылбыт туруга тубуста эрэ, улуус отчуттара ылыммыт соруктарын толоруохтара дии саныыбын.
Бу туһунан сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕаарыҥ.
Любовь Кривошапкина