Улууска Олоҥхо декадата ыытыллыаҕа

Ол быһыытынан сэтинньи 25 күнүгэр үөрэх тэрилтэлэрин икки ардыларыгар олоҥхону үөрэтиигэ, толорууга, уһуйууга улуустааҕы күөн күрэстэн декада саҕаланыаҕа.

Декада чэрчитинэн Томтор нэһилиэгэр Аар айылҕаҕа Чысхаан Ытык Алгыһа ыытыллыаҕа. Бу тэрээһин “Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнаах бэстибээл иитиинэн былааннанар.

Бу кэм устата тымныы полюһун олохтоохторо “Саха” НКИХ “Өймөкөөн улууһугар Олоҥхо Ыһыаҕа: Үтүө санаа айана” видеоролигы көрүөхтэрэ. Маны сэргэ Томтор сэлиэнньэтигэр дьону-сэргэни “Чысхаан остуоруйалара” испиктээги көрөргө ыҥырыллар.

Олоҥхо декадатын түмүктүүр дьаһалынан Өймөкөөн улууһунааҕы Олоҥхо Ассоциациятын кэмпириэнсийэтэ буолуоҕа.

Сылы түмүктүүр улуус биир сүрүн уонна дьон сэҥээриитин ылар тэрээһинэн “Өймөкөөн сулустара” диэн улуустааҕы ырыа куонкуруһа буолбута быданнаата.

Үтүө үгэскэ кубулуйбут ырыаны сэҥээрээччилэр күөн күрэстэрэ быйыл сэтинньи 18 күнүгэр улуус киинигэр Уус-Ньараҕа “Металлург” Култуура дьиэтигэр ыытыллыаҕа. Сайаапкалары 2023 с. сэтинньи 15 күнүгэр диэри ылаллар.

Читайте дальше