Улуус Землячествота салалтаны кытта көрүстэ

Дьокуускай куоракка улуус баһылыгын э.т. Александр Иванов Өймөкөөн улууһун землячествотын кытта көрүстэ.

Улуус бас-көс салайааччыта киин куоракка олорор Өймөкөөн улууһуттан төрүттээх дьоҥҥо оройуоҥҥа буола турар олоҕу-дьаһаҕы билиһиннэрдэ, ыйытыктарга хоруйдаата.

Ол курдук, баһылык эбээһинэһин толорор салайааччы иһитиннэриититтэн кылгастык билиһиннэрдэххэ маннык:

  • Саҥардылла турар Уус-Ньара аэропордугар кэлэр нэдиэлэ саҥатыгар бастакы сөмөлүөт түһүөхтээх. Бүгүҥҥү күҥҥэ көтөр аалы түһэрэр-көтүтэр балаһа тутуллан бүттэ. Аэропорт тутуута билигин да салҕанар. Уматык ыскылаата тутуллуохтаах.
  • Куйдуһун муостатын тутааччылар кэлэн үлэлэрин саҕалаан эрэллэр. Уу түһэрин кэтэстилэр. Муостаны эһиил кулун тутарга тутан бүтэрэр сорук турар.
  • Үчүгэй орто оскуолатын тутуутун мэстэтигэр тиийэн көрүү түмүгүнэн, 60 миэстэлээх оскуола тутулла илигиттэн саахалланар туруктаммыт. Онон бырайыктыыр-сметалыыр докумуону саҥардан оҥоруохтара.
  • Төрүт суолун өрөмүөнүгэр 3 мөлүйүөн 700 солкуобай көрүллүбүт. Бэдэрээччит тиэхиньикэтин кэмигэр аҕалан биэрбэккэ, үлэ тардылынна. Суолу көннөрүү үлэтэ быйыл ыытыллыаҕа.
  • Өймөкөөн нэһилиэгэр олохтоох бэдэрээччит суолу оҥорууга ылсан үлэлээн эрэр. Сордоҥнооххо эмиэ суолу көннөрөллөр.
  • Сордоҥнооххо «грязелечебницаҕа» анаммыт дьиэ тутуллан бүппүт эрээри, докумуона суох буолан турар эбит. Онон архыыбы кытта үлэлэһэн, ити дьиэни олоххо киллэрэр сорук турар.
  • Томтор нэһилиэгэр саҥа хочуолунайы тутуу үлэтэ бара турар. Сотору эбийиэги үлэҕэ киллэриэхтэрэ.
  • Томторго тутуллубут 8 кыбартыыралаах дьиэ эдэр исписэлиистэргэ (учууталларга) анаммыт буолан, дьиэ үлэҕэ киириитигэр кыбартыыралары үллэриигэ ити өрүт учуоттаныахтаах.

Сонун көрүүлэр

Мунньах кэмигэр улуус баһылыгын э.т. Александр Иванов сүбэлэһии бэрээдэгинэн маннык сонун көрүүлэрин кытта үллэһиннэ:

  • Өймөкөөн нэһилиэгин кырдьаҕас учууталлара олорор дьиэлэрэ саамай уу ылар сиригэр ойдом туран хаалбыттар. Нэһилиэккэ кырдьаҕастарга утары «уунар» дьиэ суох. Онон кинилэри кыһыҥҥы кэмҥэ олордорго «маневреннай» дэнэр дьиэни оҥорон биэриини толкуйдуубут. Холобура, Чурапчы улууһун Сылаҥ нэһилиэгэр кырдьаҕастары биир дьиэҕэ олордон кыстаталлар. Томтор нэһилиэгэр эргэ оскуола эбии тутуута саҥатык тутуу эбит. Ол дьиэни социальнай дьиэ курдук оҥорор толкуй киирдэ. Онон олохтоохтору кытта сүбэлэһиэххэ наада.
  • Эһиилги сылга Өймөкөөн нэһилиэгэр уруккута Байаҕантай улууһун нэһилиэктэрин ыһыаҕа ыһыллар. Ол суолталаах тэрээһининэн сибээстээн, нэһилиэккэ суолталаах тутуулары ыытар сорук турар. Олохтоох дьаһалта былааны кытта билиһиннэрбитин истэн баран, Бэйэ көҕүлээһининэн тутар бырайыактары (ППМИ) нэһилиэктэринэн бытарыппакка эрэ, улууска туһанан, биир улахан эбийиэги тутуохха наада. Эбэтэр чопчу биир нэһилиэккэ буолбакка, уочаратынан улахан тутууну ыытыахха сөп.

Улуус баһылыгын э.т. Александр Иванов Өймөкөөн улууһун землячествотын кытта көрсүһүүтэ, оройуон олоҕун-дьаһаҕын кытта билиһиннэриитэ үгэс буолбута хайҕаллаах суол. Киин куоракка олорор өймөкөөннөр улуустарын кытта сибээстэрин быспаттар, биир дойдулаахтарын олохторун-дьаһахтарын билэ-көрө олороллор.

Өймөкөөн улууһун пресс-сулууспата

Читайте дальше