Балаҕан ыйын 25 күнүгэр улууска бэлиэ түгэн тосхойдо — Саха сирин Судаарыстыбаннаһын күнүн көрсө Уус-Ньаранан ааһар “Халыма” федеральнай трасса учаастагын аспааллааһын үлэтэ түмүктэммитин үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйыы сиэрэ-туома ыытылынна.
Ол курдук “Халыма” федеральнай трасса 962-975 км хапытаалынай өрөмүөнэ уонна 1121-1142 км реконструкцията ыытылынна, уопсайа – 24 км суол учаастага аспаалланна. Маны тэҥэ суолу тутааччылар Индигир өрүс, Кутур-Үрэх уонна Ампаар Үрүйэтэ үрэхтэри туоруур муосталары өрөмүөннээтилэр. Суол өрөмүөнүгэр 200-тэн тахса исписэлиис үлэлээтэ-хамсаата.
Үөрүүлээх тэрээһин сахалыы алгыһынан арчыланна, Тымныыны араҥаччылааччы Чысхаан арыалынан угуттанна.
Суолу арыйыы сиэригэр-туомугар “Вилюй” Упрдор ФКУ начаалынньыга Николай Андреев, Москубаттан “132 №-дээх ДЭП” ХЭТ генеральнай дириэктэрэ Геннадий Ульрих, “Өймөкөөн улууһа” МТ дьаһалтатын баһылыга Александр Оконешников, “Уус-Ньара бөһүөлэгэ” ГП дьаһалтатын баһылыга Виктория Понамарчук, улуус тэрилтэлэрин салайааччылара, олохтоохтор кытыннылар.
Тэрээһин сүрүн чааһынан үгэс быһыытынан кыһыл лиэнтэни үөрүүлээх быһыыга-майгыга быһыы сиэрэ-туома буолла. Ол кэнниттэн аспаалламмыт суол устун КамАЗ-тар колонналара айаннаабытын олохтоохтор ытыс тыаһынан доҕуһуоллаатылар.
Өймөкөөн улууһун дьоно-сэргэтэ суолу тутааччыларга барҕа махталын биллэрэллэр, “Хаачыстыбалаах уонна куттала суох” национальнай бырайыак чэрчитинэн ыытыллыбыт үлэ улуус салгыы сайдыытыгар олук уурбутун бэлиэтииллэр.
Биһиги корр.