Улуус хаһыаттарын өйөөҥ, сурутарга тиэтэйиҥ

Дойду үрдүнэн бу күннэргэ хаһыаттарга-сурунаалларга сурутуу көхтөөхтүк бара турар. Ону кытта тэҥҥэ улуустааҕы бэчээккэ суруйтарыы эмиэ ыытыллар. Хаһыаттарга сыл устатыгар эбэтэр сыл аҥарыгар сурутуохха сөп. Сурутуу хампаанньата бэс ыйын бүтүүтэ түмүктэнэр.

Бу эппиэтинэстээх кэм үгэннээн турдаҕына, биһиги бэриниилээх ааҕааччыларбыт номнуо оройуон хаһыаттарыгар суруппуттара. Бүгүн кинилэр санааларын маннык үллэстэллэр.

 Розалия ГОТОВЦЕВА, Томтор нэһилиэгин олохтооҕо, СӨ бочуоттаах бэтэрээнэ, ССРС култууратын туйгуна, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ:

— Мин улууспут сахалыы тыллаах  “Хотугу сардаҥа” хаһыатын хара тэриллиэҕиттэн,  1991 сылтан ыла суруйтаран, сэргээн ааҕабын. Бэчээти сурутууну хаһан да көтүппэппин.  Хаһыат оройуон сонуннарын, улууска ыытыллар араас тэрээһиннэри сырдатара олус наадалаах. Олохтоох дьон суруйууларын ааҕабын, араас сүбэлэри билэн туһанабын. Төрөөбүт Өймөкөөммүтүгэр сахалыы тыллаах хаһыат баара олус үчүгэй, кэрэхсэбиллээх.

Эрэдээксийэҕэ билигин айан-тутан үлэлии-хамсыы сылдьар үлэһиттэргэ өссө үрдүк ситиһиилэри дабайа туралларыгар баҕарабын. Уонна биир дойдулаахтарбын, улуус дьонун-сэргэтин “Хотугу сардаҥаҕа” сурутарга уонна хаһыакка сонуннары суруйаргытыгар ыҥырабын.

Елена ГРОМОВА, Уус-Ньара, Өймөкөөн улууһугар баһаары утары охсуһар 20 №-дээх  судаарыстыбаннай сулууспа үлэһитэ:

— Мин тыа сиригэр бардахпына “Кыым”, “Хотугу сардаҥа”, “Северная заря” уонна “Аар тайҕа” хаһыаттары ааҕааччыбын. Дьонум ити бэчээти дьиэлэригэр суруйтараллар.

Үлэбит сүнньүнэн биһиги тэрилтэбит  улуустааҕы эрэдээксийэни кытта ситимнээх, хаһыакка кыраапык быһыытынан баһаары сэрэтэргэ, бохсорго анаммыт нэһилиэнньэҕэ аадырыстаан араас иһитиннэриилэри таһаарабыт. “Северная заря” хаһыат Телеграм-каналыгар эмиэ бу сүнньүнэн тэрийбит үлэбитин сырдатар хаартыскалардаах матырыйааллары бэчээттииллэр.

Хаһыат үлэһиттэригэр эһиги уҕараабат үлэҕит таба сыаналанарыгар, үлэҕэ-хамнаска элбэх ситиһиилэри баҕарабын, чөл-доруобай буолуҥ.

Валентина ПРОКОПЬЕВА, кинофикация бэтэрээнэ, улуустааҕы Суорумньу кулуубун салайааччыта, Үрүҥ көмүс волонтер, оройуон хотугу аҕыйах ахсааннах норуоттарын Ассоциациятын салайааччытын солбуйааччы, Дьокуускай:

— Мин сиэннэрбин көрөн куоракка олохсуйбутум уонча сыл буолла. Ол эрээри төһө да киин сиргэ олордорбун, улууһум сахалыы хаһыатыгар сурутан, дойдум сонунун билэ олоробун. “Хотугу сардаҥаны” куруук кэтэһэбит. Эрэдээксийэлэр кыах эрэ көһүннэр, ыытарга кыһаллаллар.

Хаһыакка Дьокуускай землячествотын саамай актыыбынай дьоно бары суруйтараллар, сорохтор кырдьаҕас дьону, бэтэрээннэри өйөөн кинилэргэ эмиэ суруталлар. Улууспутугар, нэһилиэктэргэ туох буола турарын ааҕан үөрэбит. Атын улуус дьоно хаһыаппыт кэлбитин көрөн сөҕөллөр, бачча ыраахтан ылан ааҕар эбиккит дуу диэн. Хаһыаппытын Дьокуускайга  «Хомус» атыы-эргиэн киинигэр аҕалан хааллараллар. Ону иһиттэрбит эрэ ыла ыстанабыт. Хата онно Томтор дьоно – Анна уонна Николай Поповтар үлэлиир буолан, биир дойдулаахтарыгар үөрэ көрсөн түҥэтэллэр. Улуус хаһыатыгар биирдэ сиэним Ильдар хаартыската тахсыбытын көрөн, уол олус үөрбүтэ.

Өймөкөөн сахалара бэйэбит төрөөбүт тылбытынан тахсар хаһыаты ааҕарбыт олус үчүгэй. Оннук кыаҕа барыбытыгар бэлэхтээбит киһинэн Кэрэспэдиэн Сэргэй-С.М. Егоров буолар. Манна даҕатан эттэххэ, соторутааҕыта үөрүүлээх сонуну иһиттим, ол курдук, Сергей Егоров саҥа кинигэтэ күн сирин көрдө. Бу кини урут суруллубут айымньыларыттан турар сборнигы суруналыыс кэргэнэ Светлана Ильинична бэлэмнээн, хомуйан таһааттарбыт эбит.

Анна ВИНОКУРОВА,  Өймөкөөн орто оскуолатын учуутала:

-Мин улуустааҕы “Хотугу сардаҥа”, “Северная заря” хаһыаттары уонна республикатааҕы  “Кыымы” сурутабын. Бэчээти куйаар ситимин нөҥүө буолбакка, уруккулуу илиибэр тутан ааҕарбын ордоробун.

Мин санаабар, оройуон хаһыаттарыгар нэһилиэктэр сонуннара элбэҕэ үчүгэй буолуо этэ.

Хаһыат ааҕааччыларыгар, сурутааччыларга туһаайан этиэм этэ, улуус хаһыаттарын суруйтарыҥ, ааҕыҥ. Сахалыы-нууччалыы тылынан тахсар улууспут сонуннарын кэпсиир хаһыаттарбыт куруутун баар буоллуннар. Биир дойдулаахтарым, оройуон хаһыаттара сүтэн-оһон хаалбаттарын туһуттан кинилэри арахсыспат аргыс, доҕор оҥостуҥ. Улууспут бэчээтигэр бука бары өйөбүл буолуоҕуҥ!

Сиһилии «Хотугу сардаҥа» хаһыакка ааҕаарыҥ

Редакция