Улуус хаһыаттарын бэлэхтээ

Бу дьыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн 2024 с. сурутуу хампаанньата саҕаламмыта. Ол быһыытынан улуустааҕы “Хотугу сардаҥа” уонна “Севернай заря” хаһыаттары ким баҕалаах биир дойдулаахтарыгар бэлэх оҥоруон сөп.

Алтынньы 1 күнүгэр аҕам саастаах дьон күнүн, онтон алтынньы 5 күнүгэр Учуутал күнүн бэлиэтиибит. Бу кэрэ-бэлиэ дааталар чэрчилэринэн биирдиилээн дьон, тэрилтэлэр, урбаанньыттар бэйэҕит чугас дьоҥҥутугар, ыаллыы олорор кырдьаҕаскытыгар, соҕотох олорор аҕам саастаахтарга, Учуутал күнүнэн бэтэрээн-педагогтарга сурутуу оҥорон бэлэхтииргитигэр ыҥырабыт.

Ааспыт сылтан хаһыаттары биир сылга суруйтарыахха сөп буолла. Онон улуус хаһыаттарын “Севернай заря” (сылга – 1020 солк.) уонна “Хотугу сардаҥа” (сылга – 732 солк.) биир сыллаах сурутуутун эрэдээксийэҕэ оҥорон, аахсыйаҕа кыттыыны ылар кыах баар.

Аҕам саастаах дьон улуус хаһыаттарын тутан, сонуну-нуомаһы билэ олороллорун эһиги хааччыйар кыахтааххыт, ону тэҥэ элбэх оҕолоох ыалларга, инбэлииттэргэ эмиэ бэлэх оҥоруу үтүө дьыаланан буолара саарбахтаммат.

Өймөкөөн олохтоохторун “Улуус хаһыаттарын бэлэхтээ!” аахсыйаҕа көхтөөхтүк кыттыахтара диэн эрэнэбит.

“Севернай заря”-”Хотугу сардаҥа” хаһыаттар эрэдээксийэлэрэ

Читайте дальше