Улуус дьоно түмсүүлээхтэрин көрдөрөн

Соторутааҕыта Уус-Ньаратааҕы “Металлург” КДь улуус киинин олохтоохторо уонна ыалдьыттара тоҕуоруһа муһуннулар. Бу күн манна “Якутия многонациональная” диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи национальнай култууралар бэстибээллэрин улуустааҕы этаба ыытылынна.

Бэстибээлгэ улуус киинин, Өймөкөөн, Үчүгэй, Төрүт нэһилиэктэрин айар кэлэктииптэрэ, талааннаах дьоно-сэргэтэ кытыннылар. Улуус уран тарбахтаах олохтоохторо “Декоративно-прикладное творчество” түһүмэххэ бэйэлэрин оҥоһуктарын аҕалан, дьон-сэргэ көрүүтүгэр таһаардылар; “Национальнай куукуна” номинация кыттыылаахтара ас арааһын астаан, толору астаах сандалыларыгар ыҥырдылар; ииһинэн умсугуйааччылар национальнай таҥас-сап көрдөрүүтүгэр күрэстэстилэр.

Маны тэҥэ уус-уран самодеятельность кыттыылаахтара “Норуот үҥкүүтэ”, “Норуот ырыата”,  “Норуот инструменнарыгар оонньооһун”, “Тылынан уус-уран айымньы”, “Сахалыы ыллыыбыт” (атын омук дьоно сахалыы ыллыыр) курдук номинацияларга ким бастыҥ буоларын быһаардылар.

Култуура киинин фойетыгар тэлгэммит уран тарбахтаахтар быыстапкаларын бу күн Култуура дьиэтигэр кэлбиттэр олус сэргии көрдүлэр. Маны тэҥэ саха, нуучча, бүрээт о.д.а. омуктар национальнай бүлүүдэлэрин үөрэ-көтө атыыластылар, анал байыаннай дьайыыга сылдьааччыларга көмөлөһөргө тус кылааттарын киллэрдилэр.

Санатан эттэххэ, улуус олохтоохторуттан хомуйуллубут гуманитарнай көмөнү бу күннэргэ улуус баһылыга Александр Оконешников салайааччылаах анал оробуочай дэлэгээссийэ анал байыаннай эпэрээссийэ зонатыгар илдьиэҕэ.

Любовь Кривошапкина

Читайте дальше