Быйыл балаҕан ыйын 8 күнүгэр Өймөкөөн улууһугар уопсайа биэс быыбар ыытыллара күүтүллэр.
Ол – Халыма-Индигирдээҕи уокурукка Ил Түмэн быыбара, Өймөкөөн улууһун уонна Уус-Ньара бөһүөлэгин баһылыктарын быыбара, ону тэҥэ муниципальнай оройуон Сэбиэтин уонна 2-с Бороҕон нэһилиэгин дьокутааттарын эбии быыбара.
Миигин эрэ буолбакка, улуус олохтоохторун барыларын бүтүн улууһу дьаһайыахпыт диэн бэйэлэрин кандидатураларын улуус баһылыгын дуоһунаһыгар туруоруммуттар быыбар иннинээҕи бырагыраамаларын хаһан билиһиннэрэллэрэ олус интэриэһиргэтэр. Быыбар буолара олох аҕыйах кэрчик кэм хаалла.
Кандидаттар туох сыаллаах-соруктаах, улуус инники дьылҕатын, дьон-сэргэ олоҕун-дьаһаҕын хайдах тупсарар, олоххо көстөр уустук боппуруостары хайдах быһаарсар былааннаахтарый?
Чуолаан тыа сиригэр быһаарыыны эрэйэр сытыы кыһалҕа үгүс. Онон улуус баһылыгын дуоһунаһыгар туруорунар кандидат инникини көрүүтүн, улуус сайдыытын туһугар чопчу туох-ханнык үлэни ыытары былаанныырын оҥостубут бырагырааматыттан билиэҕи баҕарыллар.
Дария Тихомирова, үлэ бэтэрээнэ, Томтор