Уһуннук, дьоллоохтук олоруон баҕарбат киһи суох

Киһи барыта уһуннук уонна дьоллоохтук олоруон баҕарар. Өтөрдөөҕүтэ Кытайга сылдьан, сөҕүү-махтайыы бөҕө буолан төннүбүтүм. Ол туох айылаахтан диэн ыйытыаххытын сөптөөх. Саастаах дьон, ытык дьон сарсыарда эрдэттэн түмсэн, ушу хамсаныыларын оҥороллоруттан, үҥкүүнү кыайа туталларыттан, эдэр көрүҥнээхтэриттэн уонна саастарыгар дьүөрэтэ суох имигэстэриттэн сөхпүтүм.

Ханна тиийдэллэр эрэ, кыбыстыбакка, үрдэлгэ атахтарын ууран, ууннары тарпытынан (растяжка) бараллара. Кистэл буолбатах, биһиги өйбүт-санаабыт итинник таһымҥа тиийэ илик. «Ким эрэ көрөн, туох эрэ диэҕэ» диэн кыбыстыы мэйиибит улаҕатыгар хам хатана сылдьар.

Бу хайысхаҕа өрөспүүбүлүкэбитигэр хамсааһын баар. Ол курдук, 2019 сыллаахха ахсынньы 9 күнүгэр СӨ бырабыыталыстыбатын «Вместе к активному долголетию 55+» диэн дьаһала тахсыбыта. Ол чэрчитинэн анал бырагыраама үлэлиир. Алтынньы 1-4 күннэригэр өрөспүүбүлүкэбитигэр туһааннаах тиэмэҕэ фестиваль ыытыллаары турарын ааҕааччыларбар санатабын.

Туох барыта икки өрүттээх

Сайдыылаах, дьалхааннаах үйэҕэ киһи ис туруга олус улахан суолтаны ылар. Ол курдук, бөҕө-таҕа доруобуйалаах, ис туруктара, куттара-сүрдэрэ күүстээх, киэҥ көҕүстээх, холку эрэ дьон астына-дуоһуйа уһуннук олорор кэмнэрэ кэллэ. Этэргэ дылы, өй-санаа тэтимнээхтик сайдар, оттон эт-сиин, ис турук мөлтүүр. Кистэл буолбатах, билиитээҕэр-көрүүтээҕэр психологическай, духуобунай турук ордук сыаналанар буолар кэмэ кэллэ.

«Хамсаныы — олох» диэн мээнэҕэ эппэттэр. Туох барыта икки өрүттээх. Үүнүү-сайдыы биир мөкү өрүтэ үгүс үлэни техника солбуйан, хамсаныыны аччаппыта баар суол. Итини таһынан куйаар ситимэ олохпутугар-дьаһахпытыгар тоҕо ааҥнаан киирдэ. Маннык технологическай сайдыыны урукку өттүгэр билэ-көрө илик дьон, эдэрдиин-эмэнниин итиннэ күүскэ оҕуннубут. Компьютертан, гаджеттан арахсыбаппыт. Мантан өй-санаа, таҥнары түһүүтэ, мөлтөөһүнэ, деградацията саҕаланар. Ити компьютеры, гаджеты өрүү кыҥастаһар киһи хараҕа мөлтүүрүн, доруобуйата айгырыырын ааһан, өйө-санаата сыппыыра, толкуйдуур дьоҕура мөлтүүрэ баар суол.

Олоххо сыһыан уларыйар

Ол эрээри кэлиҥҥи кэмҥэ дьон-сэргэ олоххо көрүүтэ, сыһыана тосту уларыйан эрэр. Хамсаныыга, спорка, духуобунаска охтуулара улаатта. Үөһэ этэн аһарбытым курдук, туох барыта икки өрүттээх. Хоруона ыарыыта, пандемия куһаҕан өрүтүн ахтыбатахха, дьон өйө-санаата уларыйыытыгар эмиэ оруоллаах дии саныыбын. Ол курдук, дьон доруобуйатын көрүнэр буолла. Доруобуйа настарыанньаттан улахан тутулуктааҕын, бары билэбит. Санааҕа-онооҕо баттата сылдьар дьон ыарыыга ордук түргэнник бэринэллэрин, ити пандемия эмиэ ырылыччы көрдөрдө. Итинтэн киһи киһиэхэ харыстабыллаах сыһыана наадата көстөн кэлэр.

Куораттарга эрэ буолбакка, тыа сирдэригэр эмиэ биир интэриэстээхтэр түмсүүлэрэ, кулууптара тэриллэннэр тигинэччи үлэлиир буоллулар. Күһэйиинэн буолбакка, бэйэлэрин баҕаларынан үлэлиир-хамсыыр буоланнар, бу түмсүүлэр, кулууптар ыытар үлэлэрэ-хамнастара ордук таһаарыылаах. Саастаах дьон дьиэҕэ хаайтаран олорбокко, ити түмсүүлэргэ кэлэннэр бэйэлэрин сөбүлүүр дьыалаларынан дьарыктаналлар, эбэтэр туох эмэ саҥаҕа үөрэнэллэр. Маныаха олоҕу хамсатар, энтузиаст дьоммут төһүүнэн буолаллар.

Аҥаардас скандинавскай хаамыыны ылан көрүөҕүҥ. Ити хаамыынан дьарыктанан төһөлөөх киһи доруобуйатын туругун көннөрбүтэ буолуой? Биллэрин курдук, өрөспүүбүлүкэбитигэр ити хаамыы көрүҥүн тэниппит киһинэн уопсастыбаннай деятель, «Стимул» спортивнай кулууп салайааччыта Матвей Иванович Лыткин буоларын, бары билэбит. Билигин киэҥ киэлилээх Сахабыт сиригэр скандинавскай хаамыынан дьарыктаммат дьонноох нэһилиэнньэлээх пуун орпотох буолуохтаах. Өрөспүүбүлүкэ спорка министиэристибэтин иһинэн үлэлиир маассабай спорка уонна физическай култуураҕа управлениетын начальнигын э.т. Сардана Евсеева этэринэн, билигин скандинавскай хаамыынан барыта 11 300 киһи дьарыктанар эбит.

— Скандинавскай хаамыы дьиҥ чахчы киһиэхэ туһалыырын билбитим. Сыыйа-баайа дьоҥҥо тарҕатарга быһаарыммытым. Хас да киһиэхэ хаамтаран көрбүтүм. Улуустарынан, нэһилиэктэринэн сылдьаммын хаамыы туһунан кэпсиирим, маастар-кылаастары көрдөрөрүм. Онтон олох да бум буолан хаалбыта. Билигин атын көрүҥү өрөспүүбүлүкэбитигэр итинник сайыннар, тэнит дииллэрэ буоллар, ыарахаттардаах. Скандинавскай хаамыы Сахабыт сиригэр күүскэ тэнийбит биричиинэтинэн, дьиҥ чахчы дьоҥҥо туһалааҕа, доруобуйаларын чөлүгэр түһэрэллэригэр көмөлөөҕө буолар. Атын төрүөт суох. Туһалаабата эбитэ буоллар, кыайан тэнийиэ суоҕа эбитэ буолуо. Этэргэ дылы, сүүстэ да кэпсээ-ипсээ, сүүстэ да нэһилиэнньэлээх пууннары кэрий, нэһилиэнньэ ортотугар хамсааһын тахсыа суох этэ. Хаамыы диэн физическэй дьарык да буолбатах, киһи бу олоххо кэлбит хамсанар анала буоллаҕа, — диэн Матвей Лыткин кэпсээн турардаах.

Өрөспүүбүлүкэҕэ саастаах дьону маассабай спорка көҕүлүүр түмсүүнэн «Чысхаан» спорт кулуубун ааттыам этэ. Бу кулуупка хайыһарынан сөбүлээн дьарыктанааччылар түмсэллэр. Кинилэр өрөспүүбүлүкэ чиэһин кыраныысса да таһыгар, дойдуга элбэхтик көмүскээтилэр. Бэтэрээннэр «Чысхаан» хайыһары сөбүлээччилэр кулууптара 2013 сыллаахха тэриллибитэ. Салайааччынан биир санаанан биллэр уопсастыбаннай-политическай деятель Екатерина Никитинаны талбыттара.

Маны таһынан өрөспүүбүлүкэбитигэр бэтэрээннэр ортолоругар волейболга, чэпчэки атлетикаҕа, дартска, кумахха ыстаныыга күрэхтэһиилэр тэриллэн ыытыллаллар. 2022 сылтан саҕалаан өрөспүүбүлүкэҕэ бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор дьон спартакиадалара ыытыллар.

Өрөспүүбүлүкэбит Ил Дарханын сорудаҕынан 70 нэһилиэккэ «Здоровый наслег» диэн бырайыак олоххо кииллэриллэр. Бу бырайыак чэрчитинэн 7 689 киһи хабыллыбыт.

Бу кыһалҕа туоратыллара буоллар

Кэлиҥҥи кэмҥэ Сахабыт сиригэр йоганан дьарыктаныы элбээн эрэр. Киин куораттарга уһуйуллубут йоганы үөрэтэр маастардар баар буоллулар. Ордук кэрэ аҥаардар ортолоругар. Биллэрин курдук, биһиги тыйыс тымныылаах сирбитигэр-уоппутугар, аспытыттан-үөлбүтүттэн, аҕыйахтык хамсанарбытыттан да буолуо сүһүөх, тоноҕос ыарыыта наһаа да дэлэйдэ уонна эдэрэмсийдэ. Маныаха йога олус диэн туһалааҕын көрдөрдө. Матвей Лыткин этэринии, туһата суох буоллаҕына, дьон наадыйбат. Саастаах дьону йоганан дьарыктыыр маастардар көрсөр биир кыһалҕаларын ахтан ааһары наадалааҕынан ааҕабын.

— 55-тэн үөһээ саастаах дьону йоганан хас эмэ сыл устата төлөбүрэ суох босхо дьарыктаабыппыт. Наһаа сөбүлээн дьарыктаналлар. Дьону дьарыктыырга дьиэ суоҕа ыытар үлэни улаханнык атахтыыр эбит. Дьокуускай киинигэр арыый кэҥэс саала арендата чэпчээбитэ 90 тыһ. солк. Ону хайдах да үлэлээбиппит иһин кыаммаппыт. Спорт министириэстибэтэ саастаах дьону дьарыктыырбытыгар арендата суох саала биэрэн дуу, эбэтэр грант анаан өйөбүл буолара буоллар диэн баҕалаахпыт, — диэн «Прана» кулууп йогаҕа маастара Оксана Борисовна Желлаева эттэ.

«Прана» кулууп саастаах дьону хайдах курдук дууһаларын ууран туран, йоганан, үҥкүүнэн дьарыктыырын иһиттэн билэбин. Кинилэр өссө йоганан дьарык кэнниттэн ыллатан, хомустатан, саастаах дьон астынан, дуоһуйан баралларын курдук эйгэни тэрийэллэр. Бырабыыталыстыба дьаһалын, регион анал бырагырааматын олоххо киллэриигэ ис сүрэхтэриттэн үлэлиир дьоҥҥа судаарыстыба өттүттэн өйөбүл баар буолуохтаах.

Бу саҥардыыта Кытайга сылдьан кэлбит дьон кэпсииллэринэн, куораттарыгар саастаах дьоҥҥо анаан дыбарыастар тутуллубуттар эбит. Онно ытык кырдьаҕастар ырыаҕа, үҥкүүгэ үөрэнэллэр, спордунан дьарыктаналлар, саҥаҕа үөрэнэллэр эбит. Биһиги Дьокуускайбыт киинигэр итинник дьиэ баар буоллун…

Күөх экранынан Кытайга физическэй култуураны пропагандалааһыҥҥа хайдахтаах курдук күүстээх үлэ ыытылларын эмиэ илэ харахпынан көрбүттээхпин. Хас биирдии киһи доруобуйаларыгар олус да эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһаллар. Аҕыс уоннарыттан тахсыбыт кырдьаҕастар, этэргэ дылы, иирэ талах курдук имигэстик хамсаналларын-имсэнэллэрин үгүстэр ымсыыра көрөр буолуохтаахтар. Ити эмиэ дойдуга судаарыстыбаннай бэлиитикэ ыытыллыытын түмүгэ буолара саарбаҕа суох.

Сардана Евсеева бэлиэтииринэн, өрөспүүбүлүкэҕэ барыта 1800-кэ киһи йоганан дьарыктанар эбит.

* * *
Айылҕаттан айдарыылаах Наталия Дмитриевна Иванова: «Бары өттүнэн, тас көрүҥҥүнэн, өй-санаа, сиэр-майгы өттүнэн кыраһыабайдык кырдьарга эрдэттэн бэлэмнэниэхтээххит», — диир буолара. Холку, мындыр, ыччакка мэлдьи холобур буолар аҕа саастаах көлүөнэ дьоммут, өбүгэлэрбит бу этии дириҥ суолтатын туоһулууллар.

Людмила НОГОВИЦЫНА

Читайте дальше