Ивановтар учуутал династияларын аҕа баһылыга Петр Дмитриевич Иванов Чурапчы улууһуттан төрүттээх, 46 сыл устата иккис дойду оҥостубут Өймөкөөн улууһун сайдыытыгар эҥкилэ суох үлэлээбитэ. Кини онтон 13 сыл устата Орто-Балаҕан нэһилиэгин начаалынай оскуолатын сэбиэдиссэйинэн таһаарыылаахтык үлэлээбитэ-хамсаабыта.
П.Д. Иванов Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ, Чурапчы көһөрүүтүн кыттыылааҕа, Өймөкөөн улууһун Бочуоттаах олохтооҕо. Маны таһынан кини уустук кэмҥэ туох баар сыратын-сылбатын биэрэн туран үлэ үөһүгэр сылдьыбытын туоһулуур араас наҕараадата үгүс.
Петр Дмитриевич олоҕун аргыһа Татьяна Иннокентьевна Скрыбыкина сырдык аатын төрөөбүт Сордоҥнооҕун үөрэммит, үлэлээбит-хамсаабыт оскуолата сүгэр. Кини оҕону иитиигэ-үөрэтиигэ олоҕун 37 сылын анаабыта. Кэргэнниилэр Петр Дмитриевич уонна Татьяна Иннокентьевна сүрүн үлэлэрин таһынан Сордоҥноох нэһилиэгэ, улуус сайдыытыгар тус кылааттарын киллэрбиттэрэ, общественнай олоххо актыыбынай кыттыыны ылан, эдэр көлүөнэ дьоҥҥо үтүө холобурунан буолаллара.
Петр Дмитриевич Иванов уонна Татьяна Иннокентьевна Скрыбыкина сыдьааннара үөрэҕи баһылаан, дьон ытыктабылынан туһанар үтүө дьон буола үүннүлэр. Бу династияны сиэннэрэ өссө да салҕыахтара турдаҕа. Дэлэҕэ биир дьиэ кэргэн уопсай ыстааһа 468 сылга тэҥнэһиэ дуо, онтон хас даҕаны көлүөнэ аймахтыылар педагогическай ыстаастара – 177 сыл.
Бу туһунан сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕаарыҥ.
Любовь Кривошапкина