Учуутал сырдык уобараһын илдьэ сылдьааччы

Быйыл биир саамай күндүтүк саныыр, дириҥник ытыктыыр учууталым, өр сылларга бииргэ үлэлээбит кэллиэгэм Дарья Павловна Лазарева баара буоллар 90 сааһын бэлиэтиэ этибит.

Сыл-хонук ааһан истэҕин аайы элбэххэ үөрэммит, тыыннаах холобур оҥостубут үтүөкэннээх дьоммут биһиги олохпутугар оҥорбут үтүөлэрэ ордук күндүтүйэн иһэр.

Учуутал сырдык уобараһын үйэтин тухары үрдүктүк илдьэ сылдьыбыт, элбэх эдэр учууталга чаҕылхай холобур буолбут, олоҕун  оҕону үөрэтиигэ-иитиигэ анаабыт, үгүс көлүөнэ ыччат дууһатыгар сылаас-сырдык өйдөбүлү хаалларбыт  Лазарева Дарья Павловна 1953 с. Дьокуускайдааҕы педучилищены бүтэрэн баран, Өймөкөөҥҥө анаммыт эдэр учууталлартан биирдэстэрэ этэ.

Оччотооҕу РАЙОНО сэбиэдиссэйэ Иван Иванович Готовцев учуутал кыыһы Томтор оскуолатыгар учууталынан анаабыта.

1952-1953 сс. Петр Сидорович Попов диэн эмиэ эдэркээн уоллуун (кини сэбиэдиссэй) иккиэйэҕин үлэлииллэр. Ол саҕана Томторго үлэлии кэлбит үһүс ыччаттара — кулууп сэбиэдиссэйинэн анаммыт Амма уола Лазарев Ефим Гаврильевич буолбута. Үс эдэр киһи нэһилиэк олоҕун биллэ сэргэхсиппиттэрэ. Ити кэмтэн ыла комсомольскай тэрилтэ күүһүрэ түспүтүн, кулууп үлэтэ биллэрдик тупсубутун, ыччат түмсүүтэ үлэтин тэтимнээхтик саҕалаабытын бары бэлиэтээбиттэрэ.

Бу кэмҥэ аан бастакы оройуоннааҕы олимпиада ыытыллыбыта, аан бастаан Өймөкөөн, Үчүгэй, Томтор, Сордоҥноох, Төрүт, Түмсүү оҕолоро уус-уран самодеятельноска күрэхтэспиттэрэ.

Иккис кыһыннарыгар Өймөкөөн улууһун  үөрэҕириитин устуоруйатыгар бэйэлэрин кэлин үйэлээхтик хаалларбыт үтүөкэннээх учууталлар, оскуола салайааччыларыгар тиийэ үүммүт  П.Д. Иванов (Сордоҥноох), Е.П. Новгородов (Тарын), А.В. Местников (Түмсүү), Г.Л. Аргунов (Томтор) кэлбиттэрэ. Ити сыл Томторго Ленинград уобалаһыттан эдэркээн нуучча кыыһа Нина Сергеевна Алехина педучилищены бүтэрээт, нуучча тылын учууталынан анаммыта.

Дарья Павловна үлэтин бастакы сылыттан ыла оҕолор тапталлаах учууталлара буолбута. Эчи сатаабата да диэн суох этэ. Үрдүк уҥуохтаах, күлүүк, тэбэнэттээх, тэрийэр дьоҕурдаах,  спортсменка  кыыс сайаҕас буолан  оҕолору да, нэһилиэнньэни да кытта уопсай тылы тута булбута. Үҥкүүһүт бастыҥа буолан  кэнсиэр аайы кыттара, кэлин да сценаҕа элбэхтэ тахсара.

Сотору буолан баран кулуубун сэбиэдиссэйигэр, эмиэ биир сэргэх ыччакка Ефим Лазаревка кэргэн тахсан ыал буолбута. Дарья Павловна түбүктээх учуутал үлэтин, общественнай үлэни, түөрт оҕотун көрөрүн-истэрин (кэргэнэ ыстаадаҕа өрүү командировкаланар, чуум үлэтигэр көспүтэ) барытын чэпчэкитик оҥороро сөхтөрөрө.

Д.П. Лазареваҕа бастакы үлэлиир сылларыгар сүрүн уһуйааччытынан дириэктэрэ Григорий Лонгинович Аргунов буолбута. Ол туһунан Дарья Павловна өрүү кэпсиирэ. Ирдэбиллээх уонна киһини үлэтинэн сыаналыыр дириэктэрэ кинини үчүгэй учуутал буолан тахсарыгар элбэх көмөнү оҥорбутун умнубата. Кэлин Дарья Павловна бэйэтэ элбэх эдэр учууталга күүс-көмө буолар этэ. Актыыбынай позициялаах, дириҥ билиилээх  учуутал оскуолаҕа алын кылаас учууталларын методическай холбоһугун салайарын таһынан, оскуола профсоюһун бэрэссэдээтэлинэн үгүс сыл үлэлээбитэ. Онтон кэлин, үлэтиттэн уурайан баран, нэһилиэккэ Ытык сүбэни салайбыта. Кини үрдүк аптарытыата, ылыннарыылаах тыла-өһө, көнөтө-чиэһинэйэ олоҕун тиһэх сылларыгар диэри дьон өйүгэр-санаатыгар тиийэрэ.

Мин Дарья Павловнаҕа дириҥ ытыктабылбын  олоҕум устатын тухары илдьэн истэҕим. Кини сүбэтэ, хайҕал-махтал тыллара сүрэхпин билиҥҥэ диэри сылыталлар.

Бу күннэргэ өйдөөн-санаан ааһыҥ, үөрэппит оҕолоро, биир умнуллубат, үгүс көлүөнэ үөрэннээччилэригэр ийэ курдук сылаас сыһыанын анаабыт, дириҥ билиини иҥэрбит  үтүөкэннээх учууталгытын…

Бу туһунан сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕаарыҥ.

Мария Боярова, РФ үтүөлээх учуутала, РФ үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ методист учуутала, Өймөкөөн улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, Томтор

Читайте дальше