Учуутал күнүгэр Бэс Күөлгэ саҥа оскуола арылынна

Алтынньы күнүгэр Горнай улууһун Бэс Күөлүгэр саҥа таас оскуола үөрүүлээх арыллыыта буолла. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга Ил Дархан Айсен Николаев кэлэн эҕэрдэлээтэ уонна оскуолаҕа саҥа оптуобус күлүүһүн туттарда.

Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан 150 миэстэлээх эбийиэк тутуллан олоххо киирдэ. Үбүлээһин уопсай суумата 567 млн. солкуобай.

«Оскуола дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан тутулунна. Эбийиэк тутуута РФ бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥи Федеральнай Уокурукка боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев хонтуруолугар сылдьыбыта. Онон кылгас кэм иһигэр үөрэх бары ирдэбилигэр эппиэттиир аныгы оскуола үлэҕэ киирдэ», – диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ.

Санатан эттэххэ, бу иннинэ Бэс Күөл оскуолата 1980-с сылларга тутуллубут мас эбийиэк этэ. Билигин үөрэх тэрилтэтигэр 120 тахса оҕо үөрэнэр уонна 26 педагог үлэлиир.

«Саха» НКИХ

Читайте дальше