Убайбытын өрүү өйдүү-саныы сылдьыахпыт

Дьэкиимэптэр дьиэ кэргэҥҥэ ыарахан күн-дьыл үүннэ. Ол курдук баар-суох тапталлаах, соҕотох хаалбыт кырдьаҕас убайбытын ыарыы балаҕайыгар ылан барда…

Биһиги дьиэ кэргэҥҥэ, 8 оҕо төрөөбүтэ. Икки уол кыраларыгар, биир кыыс улаатан баран өлбүттэрэ. Онтон 5 оҕо хаалан улаатан, ыал буолан, дьиэ-уот тэринэн олорбуппут.

Саамай кыра убайым Револий Степанович өрүү миэхэ бастыҥ холобур буолара, үөрэхтээх киһи буолуохтааххын диэн куруутун этэрэ, сүбэлиирэ, көмөлөһөрө.

Онон убайым алгыһынан үөрэнэн, учууталлаабытым номнуо 50 сыл буолла.

Убайым сүбэтин чиэстээхтик толордум дии саныыбын.

Ол курдук убайым куруутун сырдыкка, үрдүккэ, сырдыкка угуйа сылдьар киһи этэ. Хаһан да кыыһыра сылдьарын көрбөт этим, өрүүтүн үөрэ-көтө сылдьааччы.

Бу ыарахан күҥҥэ бары аймахтар тапталлаах саҥаспытыгар Екатерина Афанасьевна Ефимоваҕа, уолугар Леонидка, кыыһыгар Аленаҕа, кинилэр оҕолоругар, сиэннэригэр, хос сиэннэригэр дириҥ кутурҕаммытын тиэрдэбит.

Убайбытын өрүүтүн суохтуохпут, өйдүү-саныы сылдьыахпыт.

Агафья Готовцева

 

Читайте дальше