Убаастабыллаах Өймөкөөн улууһун сылгыһыттара!

2016 сыллаахха Ил Дархан өрөспүүбүлүкэҕэ сылгыны үөрдээн иитии туһунан ыйаахха илии баттаабыта. Бу кэмтэн өрөспүүбүлүкэбитигэр кулун тутар 21 күнүгэр Сылгыһыттар күннэрин бэлиэтиибит.

Өбүгэ саҕаттан сылгы саха киһитигэр саамай сыаналаах баайынан ааҕыллар. Аныгы кэмҥэ да бэйэбит үгэспитин умнубакка, Дьөһөгөй Айыы оҕотун ииттэбит, көрөбүт-истэбит. Сылгы куттаах, үрүҥ күн ыырдаах, көхсүттэн көнтөстөөх, арҕаһыттан тэһииннээх хорсун-хоодуот, кытаанах тулуурдаах Тымныы полюһун — Өймөкөөн улууһун сылгыһыттарынан киэҥ туттабыт!

Бу сырдык сааскы күн баҕарабын эһиэхэ чэгиэн чэбдик туругу, чөл-уйгу олоҕу, сыраҕыт үтүө түмүктээх буоллун, түөрэм туйахтааххыт ууһаатын-кэҥээтин!

“Өймөкөөн улууһа” муниципальнай оройуон баһылыгын э.т.  И.Е. МАКСИМОВ

Читайте дальше