Убаастабыллаах уһуйаан иитээччилэрэ!

Эһигини оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин үлэһиттэрин күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!

 Хас биирдии оҕо уһуйаантан бастакы билиини уонна сатабылы ылар, бары өттүнэн сайдар, элбэххэ үөрэнэр. Кырачаан дьоҥҥо күннэтэ сүрэххит сылааһын бэлэхтиир, майгы-сигили акылаатын уурар, оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕо дьоҕурун сайыннарар дьонунан эһиги — иитээччилэр буолаҕыт.

Махтал истиҥин этэбит баай уопуттаах бэтэрээн иитээччилэргэ! Ытык педагогтар эдэр исписэлиистэргэ сүбэ-ама буолан, сырдыкка, үйэлээххэ сирдииллэр.

 Хас биирдии кырачаан инники дьылҕата уһуйаан иитээччитин истиҥ сыһыаныттан, оҕо ис эйгэтигэр болҕомтотуттан тутулуктаах. Оҕо саас уонна Дьиэ кэргэн сылын бу үөрүүлээх күнүгэр эһиэхэ идэҕитигэр тапталгыт иһин махтал тылларын аныыбыт.

Эһиэхэ кытаанах доруобуйаны, этэҥҥэ буолууну, дьолу-соргуну, кэскиллээх буолууну уонна ылсыбыт дьыалаҕытыгар ситиһиини баҕарабын!

“Өймөкөөн улууһа” МТ баһылыга

Александр ОКОНЕШНИКОВ